Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун ректора Иннокентий Готовцев уонна институт төрүттээччитэ Михаил Гуляев РФ Спордун миниистиригэр Олег Матыцины кытта көрүстүлэр. Өрүттэр инники турар үлэ былааннарын, сүрүн соруктары кэпсэттилэр.
Чурапчы институтун эбийиэктэрин тутуутун 2030 сылга диэри спорт министиэристибэтин тутуутун бырагырааматыгар киирдилэр. Онон бу сылларга институт материальнай-техническэй баазатын хаҥатыыга улахан үлэ барара күүтүллэр.
Ол курдук, 2025 сылга учебнай-лабораторнай корпус тутуута, 2027 сылга институт орто анал үөрэҕин устудьуоннарыгар аналлаах 100 миэстэлээх уопсайы, манна 50 миэстэлээх гостиничнай комплексын уонна 2030 сылга 25 миэтирэ уһуннаах бассейн тутуута былааннанар.
Олег Матыцин институт спортивнай саалатын хапытаалынай өрөмүөнүн салҕыы үбүлүүргэ, аны сайын ыытыллыахтаах «Азия оҕолорун» кэмигэр институт тэрийэр конференцияларыгар харчынан көмө оҥорорго сөбүлэстэ. Михаил Гуляев Чурапчы институтун бэрэсидьиэнэ буоларын миниистир бигэргэттэ, ситиһиилээх үлэни баҕарда, суруйда @nvk_sakha