Россия саҥа территорияларын олохтоохторо «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааманан уопсай төрүккэ олоҕуран туһаныахтарын сөп, суруйар СИА.
РФ бырабыыталыстыбата «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааманы кэҥэттэ. Ол курдук Украинаттан, ЛНР уонна ДНР РФ-ҕа холбоно илигинэ күһэллиинэн Уһук Илиҥҥэ көспүт уонна Россия гражданствотын ылыммыттар дьиэҕэ анаммыт тосхолунан туттар бырааптаннылар.
«Россияҕа холбоспут территориялар олохтоохторо Уһук Илиҥҥи уокурукка көһөн кэлбит түгэннэригэр бырагырааманан уопсай төрүккэ олоҕуран туһаныахтарын сөп», — Илини сайыннарыы министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйда.
Күһэллэн көһөн кэлбиттэргэ сааһынан, дьиэ кэргэнинэн көрүллэр ирдэбиллэр тутуһуллубаттар, иккис ырыынакка — тыа сиригэр, куоракка — ылаллара көҥүл. Уһук Илиҥҥэ барыта 2922 киһи Украинаттан, ДНР, ЛНР көһөн кэлбит. Ол иһигэр 634 киһи Уһук Илиҥҥи уокурук тэрилтэлэригэр үлэлииллэр, 350-тан тахса оҕо дьыссааттарга уонна оскуолаларга, колледжтарга, үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирбиттэр.
This post was published on 14.10.2022 11:32 11:32