РФ президиэнин быыбара. Дойдуга бастакынан алмааһы хостооччулар куоластаатылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

АЛРОСА бөлөх үлэһиттэрэ — «Алмазы Анабара» хампаанньа  — бэйэлэрин куоластарын Россия президиэнин быыбарыгар биэрдилэр.

Алмааһы хостооччулар бириискэлэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыраах, суола-ииһэ суох сиригэр баар. Онон быыбардыыр хамыыһыйалар кинилэргэ бөртөлүөттэринэн тиийдилэр.

Дьаһал хампаанньа үлэһиттэрэ бэйэлэрин гражданскай иэстэрин толороллоругар ананан ылыллар.

This post was published on 04.03.2024 10:29 10:29