РФ киһи орто олоҕо 2023 сыл түмүгүнэн 74 сылга тэҥнэһиэ

Хаартыска: ЯСИА

Россияҕа киһи орто олоҕо 2023 сылга 74 сааска тэҥнэһиэ. Ол туһунан президент Владимир Путин быһа линиятын уонна улахан пресс-конференциятын кэмигэр эттэ.

«Киһи олоҕун уһуна — куруук кэпсэтэбит, куруук дьулуһабыт. 2021 сылга Россияҕа киһи олоҕун уһуна —  70,6 саас, 2022 сылга – 72,7 саас, 2023 сылга — 74 саас. Бу судаарыстыба экономикаҕа уонна социальнай эйгэҕэ ыытар үлэтин көстүүтэ», — диэтэ Владимир Путин.

This post was published on 14.12.2023 18:59 18:59