Россияҕа киһи орто олоҕо 2023 сылга 74 сааска тэҥнэһиэ. Ол туһунан президент Владимир Путин быһа линиятын уонна улахан пресс-конференциятын кэмигэр эттэ.
«Киһи олоҕун уһуна — куруук кэпсэтэбит, куруук дьулуһабыт. 2021 сылга Россияҕа киһи олоҕун уһуна — 70,6 саас, 2022 сылга – 72,7 саас, 2023 сылга — 74 саас. Бу судаарыстыба экономикаҕа уонна социальнай эйгэҕэ ыытар үлэтин көстүүтэ», — диэтэ Владимир Путин.
This post was published on 14.12.2023 18:59 18:59