Уһук Илиҥҥи уокурук үрдүнэн Саха сиригэр буруйу оҥоруу таһыма атын субъектарыттан быдан намыһах. Ыар буруйу оҥорооһун биллэ намтаабыта бэлиэтэнэр. Региоҥҥа криминогеннай быһыыны-майгыны РФ ис дьыалаҕа миниистирэ, Российскай Федерация полициятын генерала Владимир Колокольцев өрөспүүбүлүкэҕэ үлэтинэн кэлэ сылдьан сыаналаата.
«Саха сиригэр криминогеннай быһыы-майгы бигэ туруктаах уонна толору хонтуруолланар. Буруйу оҥоруу таһыма Уһук Илин федеральнай уокуругун атын субъектарыттан быдан намыһах. Быйылгы сыл бастакы кыбартаалыгар киһини өлөрүү -39%, түөкүннээһин-18%, халааһын 32% аҕыйаабыт.
Кыбартыыралары халааһын ахсаана икки төгүл аччаата. Бу хас биирдии киһи куттала суох буолуутун быһаччы таарыйар буруйу оҥоруу көрүҥнэрэ. Арыгы иһэн баран буруйу оҥорбут дьон ахсаана аҕыйаабыта үөрдэр. Эрдэ сууттана сылдьыбыт дьон эмиэ буруйу оҥороро биллэ аҕыйаата», — диэн ис дьыала миниистирэ иһитиннэрдэ.
Владимир Колокольцев этэринэн, ити аата региоҥҥа профилактическай хайысхалаах бырагыраамалар үчүгэйдик үлэлииллэр.
Өссө биир көдьүүстээх холобур быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ баар «Безопасный город» системаны бэлиэтээтэ, бу системаҕа 850 видеокамера, 160 көһө сылдьан буруйу кэһиини бэлиэтиир комплекс үлэлиир.
Түмүккэ, кини өрөспүүбүлүкэ салалтата Айсен Николаевы кытта региоҥҥа бэрээдэги хааччыйыы боппуруостарыгар болҕомтотун уурарын уонна ис дьыала уорганнарын тус састаабын үлэтэ көдьүүстээхтик барарыгар бары усулуобуйаны тэрийэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
This post was published on 04.05.2023 11:03 11:03