23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

РФ Доруобуйатын харыстабылын миниистирэ коронавируһу бэйэ эмтэнэ сатааһына сэрэхтээҕин эттэ

13:01, 04 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавирустаан баран бэйэлэрэ эмтэнэ сатааччылар ыарахан турукка киирэн, интенсивнай терапия көмөтүгэр наадыйыылара улаатар. Ол туһунан тустаах эйгэ миниистирэ Михаил Мурашко, иһитиннэрдэ диэн «Парламентская газета» суруйар.


Михаил Мурашко бэлиэтээбитинэн, пациент төһөнөн эрдэ медиктар көрүүлэригэр киирдэҕинэ уонна эмтэниини кэмигэр саҕалаатаҕына, түргэнник ыарыыттан босхолонор.

«Өскөтүн пациент бэйэтэ эмтэнэниини саҕалаатаҕына, хомойуох иһин, ыарыыны дириҥэтэр. Интенсивнай терапия эрэ көмөлөһөр кыаҕыгар бэйэтин тириэрдэр. Маны нэһилиэнньэ өйдүөн наада», — диэтэ миниистир.

Россияҕа COVID-19 диагнозтаахтарга анаммыт куойкалар 40 бырыһыаннара туолан турар. Мурашко эппитинэн, РФ регионнарыгар көрдөрүү араастаһар: ханна эрэ элбэх, ханна эрэ намыһах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА