Президент оттук кэмигэр олорор, үлэлиир дьиэлэргэ комфортнай усулуобуйаны хааччыйыы баар буолуохтааҕын ирдиир, маны сэргэ коммунальнай эйгэҕэ саахал таҕыста да тута туоратыллыахтаах.
2020 сыллаахха бырабыыталыстыба ОДьКХ эбийиэктэригэр инцидени уонна саахалы мониторинныыр биир кэлим систиэмэни үлэлэппитэ. Билигин систиэмэ кэҥэтиллэр. Бу алдьаныы-кээһэнии тахсар түбэлтэтигэр суһаллык миэрэ ылыытыгар туһалаах.
«Бу ааһан эрэр сезоҥҥа мониторинг систиэмэтэ олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба хайысхатыгар ыксаллаах быһыы-майгы тахсыытын, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, үс төгүл кыччатта», – диэтэ бэрэссэдээтэл Михаил Мишустин.
Источник: Объячняем.РФ
This post was published on 22.05.2023 12:01 12:01