“Дьүүллэһэн баран, аҕыс анал ааттаах истипиэндьийэни улаатыннардыбыт: устудьуоннарга 15 тыһ. солк. диэри, аспираннарга 20 тыһ. солк. диэри. Тоҕо диэтэххэ бу истипиэндьийэлэр аҕыйах мөһөөх этилэр. Хайдах ананара, төлөнөрө ситэрэн-хоторон оҥоһулунна”, — диэн быһааран биэрдэ Мишустин.
Маннык анал ааттаах истипиэндьийэлэри ситиһиилээх, уһулуччу чинчийэр кыахтарын көрдөрбүт устудьуоннарга биһирэбил быһыытынан аныыллар. Олору судаарыстыбаннай былаас, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара, тэрилтэлэр, биирдиилээн дьоннор аныахтарын сөп. Холобур, АФ Оборуона министиэристибэтэ анал ааттаах истипиэндьийэтин суворовскай байыаннай училище курсааннарыгар туттарар.
Өссө ханнык анал ааттаах истипиэндьийэлэр баалларый? Вознесенскай аатынан (литэрэтиирэҕэ, суруналыыстыкаҕа), экономикаҕа Гайдар аатынан, Лихачев аатынан (культурологияҕа уонна филологияҕа), Собчак аатынан (юриспруденцияҕа ситиһиилэннэххинэ), о.д.а.
Биһиги үрдүк үөрэхпит кыһалара ситиһиилээх устудьуоннарыгар эмиэ анал ааттаах истипиэндьийэлэрэ туттарар, онон бука кинилэргэ да үрдүүрэ буолуо, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 25.07.2024 11:02 11:02