РФ бырабыыталыстыбата оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр миэрэлэри тупсарыытын салгыыр. Ордук болҕомто — элбэх оҕолоохторго ууруллар, диэтэ премьер-миниистир Михаил Мишустин Госдуумаҕа отчуот кэмигэр, суруйар РИА Новости.
«Президент туруорбут сүрүн соруктарынан — норуоту харыстааһын буолар. Дьиэ кэргэн сылыгар оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ ылыллыбыт миэрэлэри тупсарабыт. Ордук болҕомто — элбэх оҕолоохторго. Федеральнай таһымҥа элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр правовой статустара уонна социальнай мэктиэлэрэ бигэргэннэ — дойду үрдүнэн биир», — диэтэ Мишустин.
This post was published on 04.04.2024 10:28 10:28