2022 сылга бюджет саппаас чааһыттан дойду бырабыыталыстыбата IT-салаа сайдыытыгар 21,5 млрд солк тыырда. Дьаһалга бэрэссэдээтэл Михаил Мишустин илии баттаата.
Көрүллүбүт үп чорох чааһа цифровой технологияларга үлэлиир хампаанньалар кирэдьииттэрин ыстаапкатын бырыһыанын субсидиялыырга ананар. Бу 3%-н элбиэ суохтаах. Оччоҕуна цифровой трансформацияҕа кырата 75 бырайыак олоххо киириитигэр чэпчэтиинэн туһаныахтаахтар.
Маны сэргэ, граннар муҥутуур кээмэйдэрэ улаатыахтаах. Бу сыалга 14 млрд солк көрүллэр.
Өссө биир хайысха — хампаанньа сотрудниктарыгар чэпчэтиилээх ипотека. Кинилэр 2020–2022 сылларга ылбыт кирэдьииттэрин бырыһыанын ыстаапкатын 5%-ҥа диэри кыччатыллыаҕа. Бу сыалга 1,5 млрд солк көрүллүбүтэ 10 000 киһи дьиэтин боппуруоһун тупсарыыга туһуланар.
This post was published on 04.04.2022 11:01 11:01