16 Балаҕан ыйа 16.09
  • $ 90,93
  • 100,8

РФ бырабыыталыстыбата элбэх оҕолоох ыаллар ипотекаларын сабалларыгар 450 тыһ.солк. биэрии туһунан быраабыланы бигэргэттэ

14:29, 17 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ бырабыыталыстыбата Үп министерствота оҥорбут элбэх оҕолоох ыаллар ипотекаларын сабалларыгар 450 тыһ.солк. биэрии туһунан быраабылатын бигэргэттэ. Бу туһунан  министерство сайтыгар олоҕуран ТАСС иһитиннэрэр.


«Бырабыыталыстыба уурааҕар олоҕуран, бырагыраамаҕа 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үһүс уонна онтон элбэх оҕоломмут ипотекалаах Россия олохтоохторо кыттар бырааптаахтар. Кинилэр билигин ипотекаларын сабалларыгар 450 тыһ.солк. ылар кыахтаахтар. Маннык быраабыла үһүс уонна онтон элбэх оҕону иитиигэ ылбыт дьиэ кэргэттэргэ эмиэ көрүллэр«, — диэн суруллар докумуоҥҥа.

Төлөбүрү ыларга кредит ылбыт тэрилтэҕэр бырагыраама усулуобуйатыгар сөп түбэһэр докумуоннары илдьэн туттараҕын. Иккис өрүт докумуоннаргын бэрэбиэркэлээн баран «ДОМ.РФ» сайдыыга үп институтугар ыытар. Ити кэннэ бары ирдэбиллэргэ докумуоннарыҥ эппиэттиир буоллахтарына, кредиты биэрбит тэрилтэҕэ эн оннугар толору эбэтэр быстах сабыыга үбү ыыталлар (450 тыһ.солк. диэри).

Маннык докумуоннар наадалар: кредиты сабыыга сайабылыанньа, пааспар, сайыамсык уонна кини оҕолорун гражданстволарын бигэргэтэр докумуон, ийэ, аҕа буолууну туоһулуур докумуоннар. Маны сэргэ дьиэ эбэтэр дьиэ туттарга учаастак ылынарга кредит ылбытыҥ туһунан докумуон наада буолар. Докумуоннар дьииҥнээхтэрэ эбэтэр куопуйалара буолар. Сорох докумуоннар нотариһунан бигэргэммит буолуохтаахтар. Докумуоннары толорууга ирдэбиллэри ДОМ.РФ сайтка булуохха сөп.

Россия Президенэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха этиитигэр оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ ипотекаҕа кыра бырыһыаннаах кредиттэри үлэлэтэр туһунан этэн турар, маны сэргэ элбэх оҕолоох ыаллар ипотекаларын сабалларыгар харчынан өйөбүл баар буоларыгар эмиэ этии оҥорбута.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА