Россия президенэ Владимир Путин ыйааҕынан дойдуга 2024 сыл Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Бырабыыталыстыба таһымнаах тэрийэр кэмитиэт тэриллибитэ. Бэрэссэдээтэл солбуйааччыта Татьяна Голикова салайар.
Бу күннэргэ былаан оҥоһулунна. Манна сүрүн хайысхаларынан эдэр ыалга оҕо төрөөһүнүгэр усулуобуйа тэрийии, ийэ, аҕа буолар дьон доруобуйаларын бөҕөргөтүү, элбэх оҕолоох, элбэх көлүөнэлээх ыаллары өйөөһүн, элбэх оҕолонууну олохтооһун буоллулар.
«Биһиги сыалбыт — улахан дьиэ кэргэттэргэ убаастабыллаах сыһыан, дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтүү», – диэтэ Татьяна Голикова.
Былаан хас да түһүмэхтэн турар.
Россияҕа Дьиэ кэргэн сылын арыйыы өрөгөйдөөх чааһа «Родные – любимые» пуорумунан саҕаланар, тохсунньу 19 күнүгэр Москваҕа ВДНХ-ҕа «Россия» быыстапкаҕа ыытыллыаҕа.
This post was published on 11.01.2024 10:01 10:01