Россияҕа байыаннай хомуурга барбыттар үлэлэрин миэстэлэрэ оннунан хааларын туһунан уураах бигэргэтилиннэ.
Уураахха вице-премьер Михаил Мишустин илии баттаата, РФ бырабыыталыстыбатын телеграм-ханаалыгар сурулунна.
Докумуоҥҥа быһаарылларынан, байыаннай хомуурга барбыттар үлэ дуогабарын көтүрбэттэр уонна кэлин үлэлэригэр төннөллөр.
Дьаһалы ылыыга үлэ сыһыаннаһыыларыгар быраапка 2022 уонна 2023 сылларга уларытыылар киирдилэр.