РФ бырабыыталыстыбата 5 млрд солк оҕо туристыырын кешбэгэр анаата

Россия бырабыыталыстыбата оҕо туристыырыгар кешбэк бырагырааматын олоххо киллэриигэ 5 млрд солк анаата. Ол туһунан миниистирдэр кабинеттарын салайааччыта Михаил Мишустин эттэ.


Михаил Мишустин мунньахха Владимир Путин анал суругар оҕо доруобуйатын харыстааһыҥҥа улахан болҕомотону уурарга эппитин санатта.

«Ааспыт сылга оҕо барыта сайыҥҥы лааҕырга сынньамматаҕа, онон бу сырыыга онтуларын толоруохтарын наада. Дойду баһылыгын сорудаҕынан 5 млрд солк дойду иһигэр оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ көрүлүннэ», — диэтэ Мишустин.

Премьер быһаарбытынан, «Мир» каартаҕа сайыҥҥы лааҕырга путевка аҥара төннөрүллэр. Бырагырааманан сыл бүтүөр диэри 370 тыһ тахса киһи туһаныан сөп. «Бу ис туризмы сайыннарыыга эмиэ туһалаах буолуоҕа уонна элбэх оҕо доруобуйаларын туругун тупсаралларыгар табыгастаах сынньаныыны ааһыаҕа», — диэтэ кини.

This post was published on 14.05.2021 14:01 14:01