Арассыыйа авиахампаанньалара ый аайы ылар судаарыстыбаннай субсидияларын кээмэйэ төһө элбэх пассажир айанныырыттан тутулуктаах буолуоҕа. Бу туһунан РФ Тырааныспарга министиэристибэтин баһылыга Виталий Савельев кэпсээтэ, диэн Российская газета иһитиннэрэр.
Кини этэринэн, тиэйээччилэр пассажирдары таһар эрэ түбэлтэтигэр көмө харчы ылыахтара.
«Ый бүтүүтэ авиахампаанньа үлэһиттэрэ пассажирдары төһө км уһуҥҥа таспыттарын туһунан дааннайдарын, ол эбэтэр хас дистанцияҕа айаннаабыттарын отчуоттаан ыытыахтара. Ый түмүгүнэн Росавиация бу докумуоннары тэҥнээн үөрэтиэҕэ уонна субсидияны төлүөҕэ», — диэн Савельев быһаарда.
Миниистир санаатынан, маннык ньыманан туһаннахха авиахампаанньалар элбэх пассажир көтөрүгэр интэриэстээх буолуохтара. 2022 сылга Арассыыйа иһигэр барыта 90 мөл. пассажиры таһар былааннаахтар. Виталий Савельев субсидияны бу курдук ньыманан бастакытын ааҕыахтара диэн эбэн эттэ.
Ону таһынан Минтранс баһылыга этэринэн, субсидияны дойду соҕуруу өттүгэр баар суһаллык сабыллыбыт аэропортар эмиэ ылыахтара.
This post was published on 07.04.2022 18:01 18:01