РФ аан дойдутааҕы суотугар солкуобай өлүүтэ икки төгүл улаатта

Фото: Мария Васильева ЯСИА

Дойду аан дойдутааҕы суотугар 2021 сыл ахсынньытыгар тэҥнээтэххэ, солкуобай өлүүтэ  икки төгүл улаатта, ол туһунан РФ бэрэсэдьиэнэ федеральнай мунньахха иһитиннэрдэ. Путин этэринэн, Арҕаа дойдулар бэлиитикэлэриттэн сылтаан доллар «универсальнай» буолан бүтүөҕэ. «2022 с. экономическай түһүү иккис эрэ кыбартаалга бэлиэтэниэҕэ, оттон үһүс уонна төрдүс кыбартаалга үрдүөҕэ. Экономика үүнүүтүн саҥа циклыгар таҕыстыбыт», — диэн бэрэсэдьиэн эбэн эттэ.

This post was published on 21.02.2023 19:21 19:21