Саха сиригэр ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы IV-с фестиваль чэрчитинэн буолбут пресс-конференцияҕа тэрийээччилэр уонна ыалдьыттар тыл эттилэр. Кинилэр ортолоругар Корея режиссера Пэ Чхан Хо.
«Дьон-сөбүлүүр киинэтин таларга дьулуһуом. Мин сыанабылым ханнык эрэ режиссер инники айар үлэтигэр улахан кылааты киллэриэн сөп», – диир Пэ Чхан Хо.
Аан бастаан кини саха киинэтин Кореяҕа көрбүт. Киинэлэргэ киһи уонна айылҕа алтыһыылара ордук үчүгэйдик бэриллэрин кини сөбүлүүр эбит. Быйылгы фестивальга докумунтальнай киинэ туспа хайысханан киирдэ. Маны сыаналыыр жюрины киновед, киинэ кириитиктэрин Казахстаннааҕы ассоциациятын президенэ Гульнара Абикеева салайар.
Манна кэлиэн иннинэ кини саха киинэтин туһунан элбэҕи истибит. «Заблудившие» («Муммуттар») киинэ «Выживший» киинэтээҕэр ордук. Мин киинэни көрөн баран көннөрү уолаттар дьулуурдарын сөхтүм», —диэтэ Абикеева.
Фестиваль президенэ, «Ленфильм» компания генеральнай дириэктэрэ Эдуард Пичугин тэрээһин хабар эргимтэтэ кэҥээн иһэрин эттэ.
Өрөспүүбүлүкэ култуураҕа, духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин фестиваль суолтатыгар тохтоото.