22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

“Ревизорга” кэпсэнэр омсолоох көстүү бүгүн даҕаны тоҕоостооҕун хатастар көрдөрдүлэр

15:01, 13 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: Наталья Руфова
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр быйыл үйэ чиэппэрдээх үбүлүөйү көрсө улуу Н.В.Гоголь “Ревизор” кэмиэдьийэтин көрөөччү дьүүлүгэр таһаарда. Түбүк саҕаламмыта сыл буолла. Премьера кэнниттэн санаа атастастым, суруйда СИА-ҕа Наталья Руфова.

“Тускул” КК салайааччыта Чепалов Валентин Азотович:

– Быйылгы премьера уратыларыттан биирдэстэрэ — ситиһии ситимнээх буолуутун көстүүтэ баар. Ол курдук тыйаатырбыт “Наследие” диэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкуруска кыайан бириэмийэлэммит үбүн-харчытын сайдыыга-үүнүүгэ тутунна — “Ревизор” испэктээк көстүүмнэрин Олоҥхо тыйаатырын иистэнэр сыаҕар тиктэрдэ. Атыннык эттэххэ ситиһиибит ситимэ тыйаатыр салгыы үлэлээһинигэр төһүү күүс буолла. Аны бу сырыыга улахан үөрүүлээх, дуоһуйуулаах, махталаах сонуммут – А.С.Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатырын көмөтө буолла. Ол курдук уонунан ааҕыллар көстүүмнэри, реквизиттэри уо.д.а. сыалай массыына муҥунан биэрдилэр. Ону таһынан “Тускул” КК иһинэн үлэлиир түмсүүлэрбит реквизиккэ, араас таҥаска-сапка үлэлэстилэр, Новикова Феодосия биир көстүүмү тигэн биэрдэ, тыйаатыр артыыстара Андрей Малышев олус улахан ааны, суруйар тэриллэр набордарын, Зоя Бережнева цилиндр сэлээппэлэри, бииргэ үлэлэһэр “Ситим” айымньы дьиэтин үлэһиттэрэ цилиндр сэлээппэлэри оҥортоотулар. Саҥа испэктээк – саҥа сирэйдэр, эдэр артыыстар. Ол эдэр артыыспыт сааһыттан тутулуга суох эдэр буолар (мичээрдиир — ааптар). Саҥа артыыс кэллэ, ол аата тыйаатырбыт эйгэтин иитэ-саҕата, иитэр-үөрэтэр эйгэтэ өссө кэҥиир-тэнийэр, дириҥиир. Аны испэктээкпит көрөөччү дьүүлүгэр тахсыбыт кэмигэр тэҥҥэ улахан экраҥҥа Саха НКИК “Харчы” диэн киинэтэ буолаары турдаҕына Саха тыйаатырыгар “Ревизор” испэктээкил турбута эмиэ хайдах дьиктилээх, үөһэттэн этиллибиттээх курдук. Харчыга өй-санаа хараҥарыар диэри таласпакка эрэ олоруу, харчыга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы олуктарын ууруу туһугар туһуламмыт үлэлэр тэҥҥэ алтыһан таҕыстылар. Тыйаатырбыт үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт тэрээһиннэр чэрчилэринэн СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин салайааччыта Ноев А.И. көрсүһүүгэ “Тускул” КК болҕомто киинигэр баар диэн этиитин үлэбитин үрдүктүк сыаналааһын диэн ылыммыппыт уонна салгыы эмиэ ол тэтими ыһыктыбакка үлэлиэхпит хамсыахпыт.

Протасов Николай Васильевич:

– Култуураҕа сыл үлэлээтим, кылгас сценкаларга оччолортон оонньуубун гынан баран бүтүн оруолу театрга оонньооһунум бу Хатаска кэлэн баран буолла. Үһүөн даҕаны бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат, атын-атын суолталаах, ураты ис хоһоонноох уобарастар. Онтон “Ревизорга” Бобчинскайы оонньуурбун ааһан улаханнык алтыспатах эйгэбэр — үҥкүү эйгэтигэр кытта киирдим (мичээрдиир — ааптар). “Ревизоры” оскуола эрдэхтэн ааҕан, ырытан кэпсэтэн кэллэҕим дии, ол гынан баран ис иһигэр дириҥэтэн бэйэм нөҥүө аһардым. Дьиктитэ диэн манна уобарастар үгүс өттүлэрэ билэр дьоммут эбэтэр ким кэпсээбит киһитин санаталлара буолар… Бука ол да иһин Гоголь улуу киһи диэн өйдөбүл баар буоллаҕа. Санаан көрдөххө хас үйэ ааспытый, төһөлөөх уларыта тутуу, тутул уларытыыта буолбутуй, ол тухары бу айымньы тоҕоостоох! Дьоруойум уобараһын арыйарбар биллэн туран сүрүннээн өрөсүссүөрүм этэрин тутуһабын, бэйэм көрүүбүн эмиэ хайа сатанарынан киллэрэ сатаатым.

Прокопьев Станислав Митрофанович:

– Тыйаатырга кэлэн өссө биир урукку өттүгэр билбэтэх, толкуйдаан да көрбөтөх эйгэбин арыйбытым. Ол өрөсүссүөрбүт Евдокия Ефимовна ыйыытынан бу сылларга соторутааҕыта аһыллыбыт НВК саха сериалларын сулууспатын ыҥырыытынан сериалларга уһуллуубут буолар – Н.Нохсорова, Н.Руфова, С. Григорьева, Н Иванов уо.д.а. Кэнники сылларга тахсыбыт айымньыларга барытыгар кэриэтэ баарбын, инньэ гынан төрүт тылбын дириҥ далайын сомсон ыллым, аны быйыл бу улуу Гоголь айымньытыгар холоннум. Бу оруолбар эт-хаан, хамсаныы-имсэнии өттүттэн улахан мэһэйдэри көрсүбэтим, тылын-өһүн үөрэтиигэ эмиэ, дьэ ол гынан баран уобараһы арыйыыга кини хайдаҕый, тугуй, тоҕо итинник диэтэ, тоҕо маннык диэтэ диэҥҥэ өрөсүссүөрбүнээн тиритэ-хорута үлэлээтибит. Премьера иннинэ эрэ аҕай “Ревизоры” туруорааччы – өрөсүссүөр Эмма Иришева диэн Тува норуотун кыыһын үлэтин көрдүбүт. Бу түгэҥҥэ мин хайдах өйдөөн, ылынан Хлестаковым уобараһын арыйа сылдьарым уратыларын көрдүм, онтубун уларыппатым. Онтон сценаҕа сылдьыыга, туттууга-хаптыыга дьиҥ чахчы, чаҕылхай маастар кылаас буолла. Оруолум туохха иитэрий-үөрэтэрий диэҥҥэ кэллэххэ миэнэ барыта маннык буолумаҥ диэн тахсан кэлэр (мичээрдиир-ааптар). Ол эрээри, мин санаабар, дьиҥинэн көтүмэх, үрдүнэн сылдьар да буоллар син бэйэтэ өйдүүрүнэн, ылынарынан сырдыкка-үтүөҕэ, үөрэххэ тардыһар буолан онно-манна тиийэ-түгэнэ сырыттаҕа дии. Дьыалата, сыалы хайдах ситиһиитэ буоллаҕа. Онно быстан түһээхтиир – албыҥҥа-көлдьүҥҥэ киирэр даҕаны, киллэрэр даҕаны.

Алена Пинигина – Чөмчүүнэ:

— Саҥа артыыстар уопут бөҕө ыллыбыт, премьера буолан астынныбыт. Аныгыскыга арыллан өссө үчүгэйдик оонньуурга бэлэммит. Мин тус бэйэм ырыа-тойук, хомус эйгэтигэр баарбын, онтон тыйаатыр эйгэтин саҥа арыйабын, саҥа киирэбин. Сценаҕа тахсыы, көрөөччүлүүн алтыһыы миэхэ хаһан баҕарар салгын курдук наадалаах, саҥаттан саҥа иэйии, сонунтан сонун көстүү. Испэктээккэ оонньооһун уратыта, умсугутуута олох туһунан бэйэтэ ис туруктаах, силистээх-мутуктаах буолар эбит. Бастатан туран, бу кэлэктиип үлэтэ эбит, аттыгар баар киһиҥ эйигиттэн, эн киниттэн тутулуктаах буолаҕын. “Тускул” КК иһинэн үлэлиир Хатас норуодунай тыйаатыра олус ил-эйэ тыыннаах, бэйэтэ оннун-олоҕун булбут кэлэктиип, онон бу кэлэктиипкэ киирбиппиттэн астына-дуоһуйа сылдьабын. Манна бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии, көмө-тирэх, сүбэ-соргу буолуу буолуохтааҕын курдук истиҥ иһирэх сыһыан баар. Онон биһиги үөрэ-көтө кэлэбит. Бэл диэтэр сып-сылаас ис миинэ, сыалаах эт миинэ буһаран тоһуйаллар, онон үлэ кэнниттэн аччыктаан сылайан кэлбит дьон сылаабыт тахсар, маннык сылаас сыһыаҥҥа эппиэттэһэргэ ис сүрэхпититтэн кыһаллан туран түһүнэн кэбиһэбит.

Семенова Евдокия Ефимовна — өрөсүссүөр:

— Култуураҕа үлэлээбитим үйэ чиэппэриттэн орто. Кэлиҥҥи биэс сылга үлэм эйгэтигэр олус элбэх уларыйыы-тэлэрийии, сэргэхсийии буолла, сонун салгын киирдэ. Ол бу билигин туран санаатахпына тыйаатырга өрөсүссүөрүнэн ананыахпыттан эбит. Оҕо эрдэхпиттэн сүрэҕим, дууһам тардыһар эйгэтигэр – тыйаатыр эйгэтигэр — киирэн саҥалыы тыын киирэн, эбии үөрэнэн, элбэхтэ онно-манна айаннаан, көрөн-истэн кэҥээтим, дириҥээтим. Дьолбор бииргэ үлэлиир кэлэктиибим бары биир ыал оҕотун курдук умайан, баҕаран туран үлэлииллэр, көмө-тирэх буолаллар, онтон артыыстарбын эппэппин даҕаны. Бары даҕаны айар-тутар аартык аанын бары бииргэ аһаммыт суолбут-ииспит эмиэ биир буоллаҕа дии.
“Ревизор” диэҥҥэ киирдэххэ маннык этэ. Өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээн туран тыйаатырым артыыстарыгар махтанабын. Айымньыны ылыам иннигэр тыйаатырым састаабын көрөбүн буоллаҕа дии, а.э. оонньуур кыахтарын ахсаан даҕаны, хаачыстыба даҕаны өттүнэн. Ону барытын ыраҥалаан, ыйааһыннаан көрөн баран дьоммор эрэл санаабар тирэнэн үлэ саҕаламмыта. Аны ханнык баҕарар саҥа айымньыны ыллахпытына хайаан даҕаны саҥа дьон кэлэллэрэ эмиэ суруллубатах сокуон, о.э. тыйаатыр кэҥиир, эбиллэр, саҥа ааттар, сонун сирэйдэр. “Ревизорга” эмиэ бу көстүү баар буолла, саҥа ааттар, саҥа сирэйдэр, сонун көстүүлэр баар буоллулар. Ол туһугар уустуктардаах (саҥа дьону үөрэтиэххэ, такайыахха) эрээри угуйар кэрэлээх. Дьэ ити курдук санааттан бу да үйэҕэ, бу да кэмнэргэ тоҕоостоох тиэмэлээх улуу Гоголь Н.В. “Ревизорун” талбыппыт. Бу күһүҥҥүттэн үлэлээн, тиритэн-хорутан, ырытан, илдьиритэн бэйэбит нөҥүө аһаран көрөөччү дьүүлүгэр таһаардыбыт. Этэргэ дылы биһигиттэн тутулуктааҕы барытын оҥордубут. Артыыстарбар ис сүрэхпиттэн сүгүрүйэн туран махтанабын.

Аны билигин биһигини көрөр, күүтэр, сыаналыыр – Үрдүк сололоох Көрөөччү — санаатын долгуйа күүтэбит.

Лариса Аргунова:

– Үтүө киэһэнэн! Сүргэм көтөҕүллэн туран “Тускул” КК уонна норуодунай тыйаатыр кэлэктииптэригэр ис сүрэхпиттэн махталбын ттиэрдэбин. Артыыстар бары билэр дьоммут буолан, хайдах эрэ өссө истиҥ, сылаас тыын кэлэр, хатыламмат эйгэ үөскүүр. Артыыстар олох айылҕа биэрбит талааннарын, дьоҕурдарын кырыылаан таһааран күлүмүрдэттилэр. Бу омуннааһын буолбатах, дьиҥ баар көстүүнү көрбүппүн тиэрдэбин. Сайдыыны-үүнүүнү, ситимнээх ситиһиилэри баҕарабын. Өрөсүссүөргэ туһунан уруй-айхал этэбит, талааныгар, тулууругар-дьулууругар сүгүрүйэбит. Наһаа астык испиктээккэ сылдьан кэллим, убайым талаан бөҕө эбит, Хатас олохтоохторо наһаа да талааннаахтар, профессиональнай артыыстардааҕар итэҕэтиилээхтик оонньоотулар, мимика, туттуу-хаптыы билиҥҥи олох тэтиминэн барбыта өссө тыыннаммыта кэрэхситтэ, маннык көстүү билигин да баар. Артыыстарга махтал сэргэх киэһээни бэлэхтээбиттэринэн!

Петрова (Мухина) Полина Николаевна:

– Таатта улууһун Даайа-Амматыттан оҕом Ефремова Саргылана оонньуур норуодунай тыйаатырын премьератыгар анаан, ааттаан-суоллаан Хатаска айаннаан кэллим. Оҕом бу тыйаатырга сылдьарын ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр, куруутун үөрэ-көтө кэпсиир, ол иһин хайдах эрэ эрдэттэн тугу эрэ кэрэни, дьиктини күүппүтүм, ол санаам албын буолбатаҕыттан сүргэм көтөҕүлүннэ. Ааттыын норуодунай тыйаатыр дьоно буолан норуот ылынарыгар сүрдээҕин чугастар, сирэйдэрин-харахтарын олоруута, хамсаныылара-имсэниилэрэ киһини олох анал үөрэхтээх артыыстар курдук итэҕэтэр түгэннэрэ элбэх. Талаан – норуокка диэн мээнэҕэ эппэттэрин туоһута. Хатас норуодунай тыйаатырын кэлэктиибигэр истиҥ махтал.

Габышев Роман Афанасьевич, Дьокуускайдааҕы култуура колледжын дириэктэрин үөрэххэ салаатын солбуйааччыта:

– Евдокия айымньылаах үлэтин уруккуттан билэбин, көрөбүн, онон ырытарга –ыраҥалыырга бэлэм этим. Үөрэнээччим буоларын быһыытынан бу үлэтэ үөрэҕин биир сүрүн диссипилиинэтин хайдах баһылаабытын көрдөрөр айымньыны көрдүм. Бастатан туран, астына-дуоһуйа, кини туһугар үөрэ бэлиэтиирим – тыйаатыр састааба күүстээх, кыахтаах, бары көлүөнэ барыта баар, онон чахчыта даҕаны эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан сүбэтин ыланнар “Если б молодость знала, старость могла” диэни туора соттулар. Сүрүн геройдар шаблон быһыытынан уопсай ылыныллыбыт өйдөбүлүнэн буолбакка, өрөсүссүөр көрүүтүнэн, артыыс ылыныытынан уратылардаах, ол туһугар бэйэтэ ураты минньигэстээх. Ордук чуолаан Хлестаковы арыйбыт, оонньообут С.Прокопьевка, сүрүн чунуобунньуктары оонньообут орто саастаах “эдэр” артыыстарга баар. 60 саастарын ааспыт “эдэр” артыыстар бу айымньыны оскуолаҕа сиһилии үөрэппит буоланнар, уонна өссө көлүөнэ дьон эппиэтинэстэрин эбэн туран испэктээккэ ураты тыыны киллэрбиттэр. Төһө даҕаны күлүү-үөрүү, бэһиэлэй буоллар бэрт табыгастаахтык күн бүгүн даҕаны тоҕоостоох омсолоох майгы мөкүтүн таба тутан көрдөрдүлэр.

Ааптар: Наталья Руфова

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА