Үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев Саха сирин спордун салайааччыларын кытта көрүстэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо спордун сайдыытын тула соруктары туруордулар. Мунньах кыттыылаахтара 2017 сылтан региоҥҥа үөрэнээччилэр биир кэлим спартакиадалара ыытылла илигин эттилэр, суруйар СИА.
Саха сиригэр оҕо спордунан дьарыктанар 69 тэрилтэ баар. Ол иһигэр 53 оҕо-юношескай спортивнай оскуола, олимпийскай резервэ училищета, Олимпийскай резервэ спортивнай оскуолалара. Баларга 36 тыһыынча оҕо спорт 45 көрүҥүнэн дьарыктанар. Бу өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччитин ахсаанын 25% ылар.
Төгүрүк остуолга оҕо спордун сайыннарыыга кыһалҕалар тустарынан кэпсэттилэр. Мунньах кыттыылаахтара 2017 сылтан региоҥҥа «Саха сирин олимпийскай эрэллэрэ» диэн үөрэнээччилэр биир кэлим спартакиадалара ыытыллыбакка турарын бэлиэтээтилэр. Маннык тэрээһиннэргэ 1000-лыы уонна онтон элбэх оҕо кыттара бэлиэтэнэрэ, бары муниципальнай оройуоттартан кытталлара, үөрэх дьылын устата 24 көрүҥҥэ күрэхтэһэллэрэ.
Олимпийскай оонньуулар чемпионнара, СӨ сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрин солбуйааччыта Павел Пинигин эппитинэн, оҕо кыра эрдэҕиттэн спордунан дьарыктаныахтаах: «Оҕону оскуола иннинээҕи сааһыттан дьарыктыахтаахпыт. Билигин үгүс оҕоҕо, оннооҕор тыа сиригэр, гиподинамия бэлиэтэнэр, бары гаджеттарга умса түһэн олороллор. Биһиги оҕо саадтарыгар уонна оскуолалларга үлэлиир физкультура уона спорт учууталларын престижтарын үрдэтиэхтээхпит. Бу сүрүн сорук», — диэтэ.
Сиһилии: https://ysia.ru/v-yakutii-obsudili-voprosy-razvitiya-detsko-yunosheskogo-sporta/
This post was published on 23.09.2021 10:25 10:25