Саха сиринээҕи экология министиэристибэтэ Өлүөнэ эбэ күнүгэр анаммыт «Река Лена — река жизни» хаартысканан куонкурсун түмүгүн таһаарда. 50-ча киһи кытынна, үс киһи бириистээх миэстэни ылла. Ол туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Өлүөхүмэттэн Елена Борисова «Взгляд в будущее» хаартыскатынан кыайда.
Иккис миэстэ Анастасия Осипова, Дьокуускай, клиническай балыыһа сотруднига.
Үһүс миэстэни Мурманскайтан Павел Ившин «Увидеть и замереть» хаартыскатынан ылла. Кини — «Гудсёрфинг» АНО дириэктэрэ.
This post was published on 12.07.2024 15:01 15:01