Үөрэххэ туттарсыы манан аҕай дьыала буолбатах. Билигин, мин 90-с сылларга абитуриеннаабыт кэммиттэн чыҥха атын. Ону, били, бэйэҥ ыы муннугунан кэтиллэ иликкинэ билбэккин дииллэрэ чахчы эбит. Баҕар, ким эрэ мин оҕом оскуоланы бүтэриэ ыраах, онон үөрэх туһунан толкуйдуур эрдэ диэн сөп. Оччотугар “сыыһаҕын” диэхпин сөп. Тоҕотун салгыы аахтаххына билиэҥ.
Эксээмэҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэн
Аныгы кэмҥэ сэбиэскэй кэм саҕанааҕы курдук үрдүк үөрэххэ киириэм этэ диэн эксээмэн туттарбаттар. Биир кэлим эксээмэн түмүгүнэн киирэллэр. Арай, айар идэлэргэ эрэ хайысхаларынан эбии эксээмэн ирдэниллэр. Онон 11-с кылааска тахсан баран “ээ, быйыл эксээмэннээх этибит” диэн ууга-уокка түһэр сыыһа. Бүтэһик эрэ сылга өйдөннөххө, арбаҕастаах даҕаны абырыа суоҕа. Уопуттаах учууталлар эксээмэҥҥэ буолбакка, биридимиэккэ бэлэмнэниэххэ наада дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, ким чиҥ билиилээх ол үрдүк баалы ылар. Билигин БКЭ маҥнай киирэрин саҕанааҕы курдук бэлэм тестэн биир сөптөөҕүн талыы суох. Онон оҕо чиҥ билии туһугар үөрэниэхтээҕин өйдөтөр наада дииллэр. Аҕыйах хонуктааҕыта М.А.Алексеев аатынан педагогикаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыт, быйыл үс үөрэнээччитэ уустугурдуллубут (профильнай) математиканы 100 баалга туттарбыт, биэс үөрэнээччитэ оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн түмүктээбит Физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй математикаҕа учуутала Любовь Ефремова бу курдук этэр: “Быйылгы эксээмэн ким үрдүнэн-аннынан, ким хаачыстыбалаахтык үөрэммитин дьэҥкэтик көрдөрдө. Биир оҕо тоҕо намыһах, иккис оҕо тоҕо үрдүк баалы ылбытын толору сыаналаан, характеристикалаан биэрэр кыахтаахпын”, – диэн этэр. Онон эксээмэҥҥэ букатын хас да сыл инниттэн бэлэмнэнэр ордук.
Хайдах гынан эбии баалы ылабыт?
Оҕо тус ситиһиитин иһин биир кэлим эксээмэнин баалыгар эбии баал эбиллэр. Судургутук өйдөөтөххө, төһөнөн ааттаах-суоллаах да, соччонон элбэх баал. Бастатан туран, оскуоланы “кыһыл көмүс” мэтээлинэн, орто анал үөрэҕи туйгун сыананан түмүктээбиттэргэ 5 баал, “үрүҥ көмүс” мэтээлгэ 3 баал эбиллэр. Иккиһинэн, олимпиадаҕа кыттыы. Холобур, Арассыыйатааҕы Сэбиэт испииһэгэр хабыллар, Хотугулуу-Илиҥҥи үөрэнээччилэр (СВОШ) уонна “Туймаада” норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиада кыайыылаахтара 10-нуу баалга тиийэ сурунар кыахтаахтар. ХИФУ бэйэтэ ыытар Арктикатааҕы олимпиадатын, Арассыыйатааҕы үрдүк үөрэхтэр биирдиилээн биридимиэттэргэ олимпиадаларын кыайыылаахтарыгар 7 баал ааҕыллар. Ити курдук, уонунан олимпиада баалын аахсаллар. Кыайыылаахтарга туспа, миэстэлэспиттэргэ туспа. Үсүһүнэн, СӨ Наукаларын Аччыгый академиятын дьиҥнээх чилиэннэригэр 5 баал эбиллэр, чилиэн-кэрэспэдьиэннэргэ – 3 баал. Онон оҕо кыра сааһыттан чинчийиинэн дьарыктанара ордук. Төрдүһүнэн, быйылгыттан СӨ Ил Дарханын стипендиаттарын диплома эмиэ аахсыллар буолла. Холобур, ХИФУ саайтыгар ыйылларынан, эһиил туттарсааччы стипендиаттарга 7 баал эбиллэр диэн ыйыллыбыт. Бэсиһинэн, норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ миэстэлэспит оҕолор эмиэ баал суруналлар. Алтыһынан, ГТО туттарыы. Холобур, быйыл ГТО “кыһыл көмүс” значога 3 баалга, “үрүҥ көмүс” значога 2 баалга тэҥнэспитэ. Ити чопчу М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ааҕар баалларын холобурдаатым. Манна даҕатан эттэххэ, университекка 2020 сылга үөрэххэ туттарсыы быраабылата номнуо биллибит, саайтарыгар барыта сиһилии суруллан турар. Сэҥээрэр дьон эрдэттэн билсиэхтэрин сөп.
Хас даҕаны эксээмэни тал
Биир кэлим эксээмэн булгуччулаах уонна талар диэннэргэ арахсар. Маныаха биири сүбэлиэм этэ, талар эксээмэҥҥэ үс хас биридимиэти туттарар ордук. Оччотугар оҕо араас хайысхаҕа туттарсар кыахтанар. Оттон биир эрэ биридимиэти таллаҕына, баала намыһах түбэлтэтигэр, атын хайысхаҕа туттарсар кыаҕа суох буолар. Ол инниттэн, билиҥҥиттэн ханнык үөрэххэ, ханнык эксээмэн ирдэнэрин чопчу билэр наада.
Ыспыраапка да араастаах
Быйыл бэйэм абитуриеннаах буолан уонна ааҕааччы тугу ааҕыан баҕарарын билээри, батсаап бөлөҕүн арыйбытым. Күҥҥэ сүүһүнэн ыйытыы кутуллара. Үөрэххэ туттарсыы саҕана сүрүннээн “ханнык формалаах медицинскэй ыспыраапканы хомуйсабытый” диэн төрөппүттэр үгүстүк туоһуласпыттара. Тоҕо диэтэххэ, сорох идэлэргэ (педагогическай, тиэхиньиичэскэй хайысхаларга) 302Н формалаах ыспыраапка ирдэнэр. Бу ыспыраапка чопчу ханнык идэлэргэ ирдэнэрин эрдэттэн ХИФУ саайтыттан билиэххэ сөп.
Докумуон дьиҥнээҕин (оригинал) туттарыы
Аны, балачча үрдүк бааллаах, оскуоланы үһэ суох бүтэрэр оҕолор кыайан үөрэххэ киирбэккэ хаалар түгэннэрэ эмиэ баар. Үгүскүт, “тоҕо” диэн сөптөөх ыйытыыны биэриэххит. Бастатан туран, аныгы кэм сиэринэн оҕолор киин үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэр баҕа санаалаахтар. Ол иһин, докумуон дьиҥнээҕин ыытан кэбиһэллэр. Маннааҕы университекка хааччына таарыйа диэн куоппуйаларын туттараллар. Анараа баалларынан хапсыбакка хаалаллар, оттон манна докумуоннара кэмин баттаһа тиийэн кэлбэт. Көрдөрбүтүнэн, бүддьүөт миэстэтиттэн маталларыгар тиийэллэр. Ол иһин оҕо туттарсыан баҕарар үөрэҕин кыһатын саайтын букатын хас даҕаны сыл иннинэ билсэр, төһө бааллаах оҕолор киирэллэрин үөрэтэр, сыллата ону тэҥнээн көрөр наада. Иккиһинэн, сорох орто анал үөрэхтэргэ куонкурус олус үрдүк буолар. Онон үөрэх кыһатын саайтын хайаан даҕаны кэтээн көрөн баран, докумуон дьиҥнээҕин (оригинал) оҕо киириэн сөп диэбит эбэтэр олус баҕарар үөрэҕэр биэрэр табыгастаах.
9-с кэнниттэн туттарсааччыларга
Туох кистэлэ кэлиэй, 11-с кылаас кэнниттэн биир кэлим эксээмэҥҥэ үрдүк баалы ылар кыаҕа суох итиэннэ эрдэттэн сир ыла тураары, үлэһит буолаары, 9-с кылаас кэнниттэн кэллиэскэ, тиэхиньикумҥа туттарсар оҕо элбээтэ. Ол эрээри, сыымайдаан көрдөххө, 9-с кылаас кэнниттэн сорох орто үөрэхтэр төлөбүрдээхтэр. Ойон тура-тура юрист, экэнэмиис, буҕаалтыр буола сатыыллар дииллэр эрээри, ити идэлэргэ туттарсыан баҕалаах оҕо балачча элбэх эбит. 9-с кэнниттэн үөрэнии барыта кэриэтэ төлөбүрдээх. Төлөбүрэ быйыл 30-40 тыһыынча солкуобай этэ. Онон оҕом үөрэҕэр үчүгэй, баҕарбыт идэтигэр бүддьүөт миэстэтигэр хаардыы хааман киириэ диэн эрдэттэн күөһү өрүнэр сыыһа. Эмиэ хас даҕаны сыл инниттэн толкуйданар, “хармааны хаҥатынар” наада.
Төрөппүт туруорсуута
Аныгы үйэҕэ интэриниэт киирэн, ордук киин улуустарга олорооччулар, куораттар үөрэх кыһаларын саайтарын кыраҕытык кэтииллэр. Итиэннэ, мин санаабар, биир сиэрдээх боппуруоһу көтөҕөллөр – орто анал үөрэх тэрилтэлэрин саайтарыгар хас докумуон киирбитин күннээҕинэн таһааран иһэллэрэ буоллар диэн. Хас оҕо сайабылыанньа биэрбитин, биир миэстэҕэ куонкурус төһөтүн эрэ көрдөрбөккө, оҕо хас бааллааҕын тута саайтарыгар ыйаллара буоллар диэн баҕа санаалаахтар.
От хаалан эрдин, эбэтэр…
Түмүккэ биири этиэм этэ. Сорох төрөппүттэр оҕолорун үөрэҕинээҕэр күннээҕи отторун-мастарын инники күөҥҥэ туталлар. Биллэн турар, тыа киһитэ кэмигэр оттоотоҕуна эрэ сылы тахсара биллэр. Ол эрээри, аныгы үйэҕэ улуус штабтара диэн бааллар, сорох үөрэхтэр докумуону электроннайынан эмиэ туталлар, дэбиэринэс суруйан аймахтарынан, билэр дьонунан ыытыахха сөп, оттон уонна докумуону туттаран баран тиийэн оттуохха эмиэ сөп эбээт. Баҕалаах маска ыттар диэн мээнэҕэ этиллибэт. Докумуону туттарыы болдьоҕо от хаһан бүтэрин кэтээн олорбот. Быйылгы үөрэх дьылыгар илии соттон хаалбыттар бааллар. Ол иһин чорботон суруйабын.
Түмүк
Баҕар, мин санааларбын кытта сорох ааҕааччы сөбүлэһимиэн сөп. Ол эрээри, үөрэххэ туттарсар оҕолордоох төрөппүттэр туһаныахтара, эрдэттэн учуоттаныахтара диэн эрэллээхпин. Көстөрүн курдук, суруллубут сүбэ барыта төрөппүккэ ананар. Ол эбэтэр, маҥнай төрөппүт билиэн-көрүөн наада. Кэлэр сырыыга оҕоҕо сүбэлэри биэриэхпит. “Саха сирэ” хаһыаты сурутуҥ, ааҕыҥ, туһаныҥ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru Уруһуй интэриниэттэн.
This post was published on 24.10.2019 15:38 15:38