Үөрэх уонна наука миниистирэ быһа эфиргэ ыйытыыларга эппиэттиэҕэ

Бүгүн, муус устар 20 күнүгэр, СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Владимир Егоров социальнай ситимнэринэн быһа эфиргэ тахсыаҕа. Instagram, ВКонтакте, Одноклассники уонна Facebook киирэн ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп.


Коронавирус тарҕаммыт кэмигэр үөрэх эйгэтигэр күөрэйбит ыйытыыларга миниистир Владимир Егоров хоруйдуоҕа.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо быһа эфиргэ бэйэлэригэр табыгастаах ситимнэринэн киирэн ыйытыыларын биэриэхтэрин сөп. Эфир саҕаланыыта 17:00 чаас.

This post was published on 20.04.2020 11:24 11:24