Россия регионнарыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын от ыйын 1 күнүттэн саҕалыыры РФ Үөрэххэ министиэристибэтэ быһаарда. Ол туһунан сайыҥҥы сынньалаҥҥа департамент дириэктэрин солбуйааччыта Янина Голубева эттэ диэн суруйар ТАСС.
«Биһиги регионнарга оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиини от ыйын 1 күнүттэн саҕалыыры сүбэлиибит«, — диэтэ Янина Голубева Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин мунньаҕар.
Быйылгы дьылга, коронавирус тарҕаныытыгар миэрэлэри учуоттаан туран, 33,4 тыһ. кэриҥэ тэрилтэ оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийэргэ бэлэмин биллэрбит. «Быйыл 7 мөл оҕону 45 тыһ.тахса тэрилтэҕэ хабар былаан туруоруллубута. Ити эрээри, баар балаһыанньаны учуоттаан, 33 тыһ. 347 тэрилтэ, ол иһигэр 2 214 стационарнай бэлэм», — диэтэ Голубева.
Кини эппитинэн, биир сменаҕа хонук 21-тэн 14-кэ диэри кылгыан сөп. «Өскөтүн биһиги от ыйын 1 күнүттэн саҕалыыбыт диир буоллахпытына, лааҕырдар биир сменаҕа толору 21 күнү буолбакка, холобур 14 күнүнэн ылыахтарын сөп«, — диэтэ кини.
Лааҕырга киирбэтэх оҕолорго онлайн-смена олохтонуон сөп.
Сайыҥҥы сынньалаҥҥа барар оҕолорго аэропортарга уонна вокзалларга «хонуу күөҕэ» көрүдүөр тэлгэниэҕэ.
This post was published on 20.05.2020 10:02 10:02