Интернеккэ быйылгы үөрэх дьыла алтынньы 1 күнүттэн саҕаланар диэн иһитиннэрии тарҕанна. Үөрэх министиэристибэтигэр сураҕы «фейк» диэтилэр. Үөрэх үгэс быһыытынан балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланар.
Министиэристибэ үөрэх тэрилтэлэрин официальнай источниктарыгар уонна биллэриилэригэр эрэ итэҕэйэргэ этэр. Дьиҥнээх, компетентнай уоргаттарынан эрэ бигэргэммит, информация үөрэх эйгэтигэр ылынар быһаарыыларга төрүөт буолаллар.
«Маннык сымыйа информациялар төрөппүттэр, үөрэнээччилэр, педагогтар ортолоругар айманыыны үөскэтиэхтэрин, ону сэргэ үөрэх тэрилтэлэрин үлэлэрин ыһыахтарын сөп. Ол иһин сымыйа сурахтар тарҕамматтарын туһугар эрэллээх источниктартан информацияны ылыахха наада», — диэтилэр министиэристибэҕэ.