2022 сыл Саха сирин үөрэҕириитин эйгэтигэр Ааҕыы сылынан биллэрилиннэ. Бу туһунан миниистир Ирина Любимова өрөспүүбүлүкэ педагогтарын тохсунньутааҕы сүбэ мунньахтарыгар эттэ.
Үөрэх миниистирэ Ирина Любимова тохсунньутааҕы мунньаҕы арыйарыгар #Подаридетямкнигу аахсыйа биллэрдэ. Сахалыы остуоруйалары уонна Астрид Линдгрен айымньыларын аҕыс оҕолоох Татьяна уонна Николай Петровтарга бэлэх уунна.
«Дьиэ кэргэттэргэ оҕолор истиҥ сыһыаҥҥа, тапталга иитиллэн тахсалларыгар баҕарабын. Ийэ дойдуларыгар бэриниилээх дьон буолалларыгар эрэнэбин«, — диэн санаатын тириэртэ салайааччы.
Аахсыйаны үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ өйүүллэрин биллэрдилэр #Подаридетямкнигу
Хаартыска: интернеттэн
This post was published on 28.01.2022 13:01 13:01