Мунньах бырагыраамата киэҥ хабааннаах. Тохсунньу 21 күнүгэр былаһааккалар «Үлэ кыбаарталыгар» буолуохтара.
Профильнай үөрэх практикатыгар анаммыт сессия үлэлиирэ былааннанар. Педагогтар үлэнэн хааччыйааччылары кытта бииргэ үлэлиир уопуттарын кэпсиэхтэрэ, инновационнай ньымалар уонна кыахтар көрдөрүллүөхтэрэ: оскуола + профессиональнай үөрэх + үлэни биэрээччи.
«Реализация единой модели профессиональной ориентации» сессияҕа муниципальнай оройуоттар кыттыахтара, манна оҕо инники идэтин толкуйдаан таларыгар анаммыт кэпсэтиилэр буолуохтара. «Бастакылар» хамсааһыннара «Проекты Движения Первых как ранняя профориентация детей» былаһаакканы тэрийиэҕэ.
Үлэ кыбаарталыгар «Образование в годы Великой Отечественной войны» быыстапка тэриллиэҕэ.
This post was published on 17.01.2025 15:13 15:13