РФ бырабыыталыстыбата регионнарга үс миллиард кэриҥэ солкуобайы сменанан үлэлиир социальнай хааччыйыы тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр төлөбүрдэргэ анаан көрүөҕэ, ТАСС иһитиннэрэр.
«Бырабыыталыстыба социальнай хааччыйыы сменанан үлэлиир стационарнай тэрилтэ үлэһиттэрин өйөөһүнү салгыыр. Бу соцүлэһиттэр, медиктар, уонна атын сотрудниктар — кинилэр бары иитиллээччилэрин олохторо тупсарыгар күнүстэри-түүннэри үлэлииллэр, сорохтор хонуктаан сылдьаллар. Кутталлаах бөлөххө киирсэр коронавирустаабыт дьоҥҥо көмөлөһөллөр», — диэтэ премьер-миниистир Михаил Мишустин чэппиэрдээҕи мунньахха.
«Инфекция тарҕаныытын балаһыанньата күн түүн ыараан иһэр, ол иһин биһиги бу көрүллэр миэрэни уһатан биэриэхтээхпит, көҕүлүүр төлөбүрдэр салгыы ыытыллыахтара«, — диэтэ кини. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ эппитинэн, бу сыалга эбии 3 млрд кэриҥэ солк регионнарга тыырылынна.
This post was published on 09.10.2020 10:01 10:01