Регион ОДьКХ «СахаСпецТранс» тэрилтэтин автопааркатыгар биэс техника кэллэ. Техника үлэ учаастактарыгар бэриллиэҕэ.
«СахаСпецТранс» хампаанньа салайааччыта Михаил Стрижов эппитинэн, лизинг дуогабардара 2022 сыл сэтинньитигэр түһэрсиллибиттэр. Онон 15 самосвал, аҕыс бортовой полуприцеп уонна тоҕус полуприцеп-цистерна кэлиэхтээх.
Биэс прицеп-самосвал ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга кэллэ, онтон үһэ Орто Халыма оройуонугар ыытылынна, иккитэ Амма улууһугар баар учаастакка үлэлиэҕэ.
Атын техника өрөспүүбүлүкэҕэ бэс ыйын бүтүөр диэри кэлиэҕэ. Хампаанньа эппитинэн, эрдэ НЕФАЗ мааркалаах автоцистерна кэлбит, манна Орто Халымаҕа уонна Аллараа Халымаҕа хочуолунай уматыга таһыллар.
This post was published on 28.04.2023 16:22 16:22