Региоҥҥа ОРВИ көрдөрүүтэ эпидемическай боруогу 54% куоһарда

Андрей Сорокин,/ЯСИА

Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр ОРВИ 9 тыһыынчаттан тахса түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Региоҥҥа ыарыы көрдөрүүтэ эпидемическай боруоктан 54% үрдүк. Өрөспүүбүлүкэ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбиттэринэн, ордук 7- тэн 14- гэр диэри саастаах оҕолор ыалдьаллар.

ОРВИ сүрүн өттө коронавирус, парагрипп, РС- вирус, аденовирус курдук негрипознай этиологиялаах ыарыылар. Ону сэргэ региоҥҥа А/H3N2 бөлөхтөөх грипп вируһа тарҕаммыта бэлиэтэнэр.

Билигин Саха сиригэр грип утары вакцинаны 447 510 киһи ылла: 131 650 оҕо уонна 315 860 улахан киһи.

This post was published on 21.11.2023 17:06 17:06