Ил Түмэн мунньаҕар Саха сиригэр дьоҕус уонна орто бизнеһи өйүүр сыалтан УСН ыстаапкатын кыччатар туһунан сокуон ылылынна, Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн УСН-ҥа саҥа ыстаапкалар киирэллэр: 4% «доходы» нолуоктааһын эбийиэгэр уонна 10% — «доходы минус расходы». Бу ыстаапкалар 2029 сыл бүтүөр диэри үлэлиэхтэрэ.
Ылыллыбыт сокуон соторутааҕыта ылыллыбыт федеральнай уларыйыылары учуоттуур.
This post was published on 28.11.2024 12:03 12:03