Ил Түмэн XXIV (уочарата суох) пленарнай мунньаҕар дьокутааттар «СӨ нэһилиэнньэтин доруобуйатын харыстааһын туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары бүтэһик ааҕыыга ылыннылар. Саҥардыллыбыт сокуон реанимацияҕа итиэннэ интенсивнэй терапия палататыгар сытар ыарыһахха аймахтар киирэллэрин көҥүллүүр.
Саҥа сокуонунан мэдиссиинэ тэрилтэтэ ыарыһах аймахтарын уонна дьиэ кэргэн сорох чилиэттэрин эбэтэр ыарыһах сокуоннай бэрэстэбиитэллэрин реанимацияҕа эбэтэр интенсивнэй терапия палататыгар киирэллэрин көҥүллүөхтээх.
Сокуоҥҥа уларыйыылары киллэрэри Ил Дархан Айсен Николаев итиэннэ норуот дьокутаата Алена Атласова көҕүлээбиттэр.
Сокуон барылын дьокутааттар бастакы уонна бүтэһик ааҕыыга ылыннылар.
This post was published on 17.02.2021 17:01 17:01