8,6% үрдээбит биэнсийэни Россия олохтоохторо олунньуттан ылыахтара. Оттон тохсунньуга эбии төлөбүр ааҕыллыаҕа. Ол туһунан «Парламентская газета» хаһыакка Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Елена Бибикова эттэ.
«Тохсунньу бүтүөр диэри биэнсийэҕэ 8,6%-наах индексация туһунан сокуон ылыллыаҕа. Онон олунньу 1 күнүттэн биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрин тутуохтара. Бу ахсынньы ыйдааҕы биэнсийэ кээмэйигэр туһааннаан эбиллии буолар. Тоҕо диэтэххэ тохсунньуга биэнсийэ 5,9% эбиллибитэ», — диэтэ сенатор.
Тохсунньуга, кини этэринэн, эбии төлөбүр көрүллүөҕэ. Кээмэйэ — ахсынньытааҕы биэнсийэ 8,6 бырыһыан индексациятын кытта тохсунньуга эбиллибит 5,89 бырыһыан араастаһыыта.
This post was published on 20.01.2022 11:01 11:01