Үөрэх министиэристибэтин былааныгар киирбитинэн, 2024 сылга диэри медицина, педагогика үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар үөрэниигэ бюджет миэстэтин элбэтиэхтэрэ. Маннык быһаарыы IT-исписэлииһэ буолуохтарын баҕалаахтарга эмиэ көрүллэр. Ол туһунан тустаах миниистир Валерий Фальков эттэ диэн суруйар «Российская газета».
— Бюджет миэстэтэ IT-хайысха, доруобуйа уонна медицина, учууталлары үөрэтии эйгэлэригэр эбиллиэҕэ, — диэн миниистир Валерий Фальков «Комсомольская правда» араадьыйанан өрөбүл күн иһитиннэрдэ.
Миэстэни элбэтии регионнар үрдүк үөрэхтэригэр ордук күүскэ ууруллуоҕа. Ити эрээри бу улахан куораттарга миэстэ аҕыйыырыгар тириэрдибэт.
— Москваҕа уонна Санкт-Петербурга бу хайысхаларга бюджет миэстэтин сарбыйыы суох, — диэтэ Фальков. — Регионнарга эбиллии баар, маннык дьаһал 2024 сылга диэри салҕанан барыа. Биһиги толкуйбутунан, хаачыстыбаннай үөрэх устудьуон олорор сириттэн ыраах буолуо суохтаах.
This post was published on 07.12.2020 16:01 16:01