Ил Дархан Айсен Николаев кадры бэлэмнээһиҥҥэ регионнар оруолларын үрдэтэр судаарыстыбаннай сэбиэт президиумун уонна наукаҕа уонна үөрэҕириигэ РФ Президенин Сэбиэтин мунньаҕар кыттыыны ылла. Мунньаҕы Владимир Путин ыытта.
Россия Президенэ Владимир Путин дойдуга ыччат бэйэтин сайдыыга көрүүлэрин олоххо киллэрэригэр үөрэҕирии эйгэтигэр саҥа усулуобуйалар, аныгылыы интэриэһинэй стандартар киллэриллиэхтээхтэрин бэлиэтээтэ. «2021 сылтан саҕалаан бюджекка үөрэнэр миэстэни улаатыннаран иһиэхтээхпит уонна регионнар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар тыырыахтаахпыт. Чуолаан эдэр кэскиллээх, аныгы толкуйдаах кадрдарга наадыйар регионнарга. Түөрт сыл иһигэр уопсайа бу сыалга эбии 70 млрд солк ыытар былааннаахпыт», — диэтэ судаарыстыба баһылыга.
Кини бырабыыталыстыбаҕа туһаайан регионнарга үрдүк үөрэх ситимин тупсарарга биир кэлим миэрэлэри ылалларыгар сорудахтаата. Манна хайысхалаах уонна национальнай бырайыактары туһаналларыгар этилиннэ. Инфраструктура сайдыытыгар, куораттар тупсарыныыларыгар, саҥа оҥорон таһаарыыны киллэриигэ уонна инвестиционнай бырайыактарга үлэлииллэригэр ыйда.
This post was published on 07.02.2020 16:33 16:33