Билигин дойду үрдүнэн, бэрэсидьиэн В.Путин быһаччы сорудаҕынан, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн (17400 солк.) кыра дохуоттаах нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарарга күүстээх үлэ ыытыллыахтаах. Сахабыт сирин ылан көрдөххө, сүүһүнэн тыһыынча хамнастаах сир баайын хостуур бөдөҥ промышленнай хампаанньалар бааллар даҕаны, үлэтэ суох дьон ахсаана Арассыыйа көрдөрүүтүттэн икки төгүл үрдүк.
Бу кыһалҕаны туоратарга Ил Дархан Егор Борисов 2018с. нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар көмө сылынан биллэрэн, «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» диэн сүрүн суолталаах бырайыагы олоххо киллэрэргэ сорудахтаабыта.
Үлэ ырыынагар бүгүҥҥү хартыына хайдаҕый? Улуустарга тыа сиригэр олохтоохтор аҥаардара эрэ үлэлээх, атыттар кэтэх хаһаайыстыбанан, ылбычча туох көстөрүнэн быстах үлэнэн харчыланаллар. Кинилэр социальнай, медицинскэй страхование пуондатыгар, Пенсионнайга ханна да нолуок төлөөбөккө, көҥүлэ суох урбаанынан дьарыктанан, дохуот киллэринэллэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ биир мөлүйүөн кэриҥэ киһи олороруттан 500 000 үлэлиир сааһын үгэнигэр сылдьар, кинилэртэн 380 000 эрэ нолуок төлүүллэр. Атыттар биир да докумуоҥҥа киирбэтэх, кэтэх үлэнэн дьарыктаналлар.
Дьиэ кэргэнин иитэргэ сөбүгэр хамнастаах дьарыктаах дьон ахсаанын элбэтэргэ быйыл 19000 үлэ миэстэтэ тэриллиэхтээх. Бу боппуруостары быһаарса кулун тутар 27 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ Тырааныспар техникумугар СӨ Бырабыытылыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай киэҥ далааһыннаах сүбэ мунньах ыытта.
Манна УК «Мечел-Майнинг», «Алдан Полюһа», УК «Колмар», «Селигдар көмүһэ», «Прогноз», «Саха сирин тимир суоллара» АХ персоналы кытта үлэлиир салаа дириэктирдэрэ, тэрилтэ Генеральнай дириэктэрин солбуйааччылара мустан Илин эҥэр баһылыктарын, үлэ көрдөөччүлэри кытта сирэй көрсөн кэпсэттилэр.
Саамай үрдүк хамнас – Мииринэйгэ
Сахабыт сиригэр саамай үрдүк орто хамнас 96 000 солк. Мииринэй куоракка баара этилиннэ, иккис миэстэҕэ Нерюнгри, Алдан иһэллэр – 70 000 солк. Ол эрэн кинилэри 120 000 солк. хамнастаах быраастар куоһараллар.
Целевой категориялаах үлэһиттэргэ хамнас үрдээбитэ көмүс ардахха хапсыбатах дьон ортотугар хос саҥаны, ордук санаһыыны үөскэтэр. 57500 киһиэхэ үрдэтиллибит хамнаһы төлүүргэ бүддьүөккэ эбии 13 млрд. үп ирдэнэр. Бу тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ ыытыллар үптэн өссө элбэх.
Өрөспүүбүлүкэҕэ хамнас алын кээмэйэ 2018с. ыам ыйыттан 27908 солк. тэҥнэһиэҕэ.
Статистиканы көрдөххө, промышленнай оройуоннарга үлэтэ суох дьон ахсаана тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустары кытта тэҥнээтэххэ, быдан кыра.
Нэһилиэнньэ дохуотун улаатыннарыы үөрэх систематын төрдүттэн уларытыыттан саҕаланыахтаах. ХИФУ үксэ учууталлары, тыл үөрэхтээхтэри бэлэмнээн таһаарар. Ол дьон идэлэринэн үлэ булбакка, атыы-эргиэн эйгэтигэр кыһалҕаттан бараллар. Үрдүк үөрэхтээх эрээри, кытай ырыынагар үлэлииллэр.
Техническэй үөрэх миэстэтэ элбиэҕэ
«Үлэ ырыынагар туох идэлээх үлэһит наадатын көрөн, промышленнай тэрилтэлэргэ техническай үлэһиттэри бэлэмнииргэ үөрэх кыһата сүрүн сорук оҥостон үлэлиэхтээх. 2022с. диэри идэ биэрэр орто үөрэх кыһалара дуальнай үөрэхтээһиҥҥэ көһөллөрүн ситиһиэхтээхпит» — диэн Алексей Дьячковскай эттэ.
Ол аата үөрэнээччи үлэлии кэлиэхтээх тэрилтэтин кытта ыкса сибээстэһиэҕэ, киниэхэ үлэ тэтимигэр киирэрин курдук уопуттаах сүбэһит сыһыарыллыаҕа. Улахан кыамталаах бульдозерга, эскаваторга олордуҥ да үлэлээн барбаккын, барытыгар үөрүйэх, сатабыл наада. Киһи кинигэттэн аахпытын буолбакка, аттыгар баар киһи ыйан-кэрдэн биэрдэҕинэ ордук ылынар.
Күн бүгүн промышленнай тэрилтэлэргэ техническэй идэлээх тыһыынчанан оробуочай үлэһит наадата этилиннэ. Ол эрэн, техникум хайа промышленнаһыгар сылга 130 эрэ киһини бэлэмниир.
Итинтэн сиэттэрэн, 6 ыйдаах техническэй идэҕэ үөрэнэргэ 3000 киһиэхэ диэри миэстэ эбии арыллыаҕа.
Промышленнай тэрилтэҕэ үлэҕэ киирэргэ – аан аһаҕас
Промышленнай тэрилтэлэр вахтовай ньыманан Өрөспүүбүлүкэ тас өртүттэн тыһыынчанан дьону аҕалан үлэлэтэллэр. Олохтоох дьону үлэҕэ ыларга кинилэр бэлэмнэрин эттилэр да, биир усулуобуйа туруордулар. Ыйы супту өрөбүлэ суох үлэлиир ыарахан хара үлэҕэ киһи тулуурдаах, үлэ бэрээдэгин тутуһар, испэт-аһаабат буолуохтаах. Ону сэргэ саас кэллэ да туох да сэрэтиитэ, уоппуската суох куһу-хааһы батыһан барыа, сайын окко аралдьыйыа суохтааҕа этилиннэ.
Түмүккэ УК «Мечел-Майнинг», «Алдан Полюһа», УК «Колмар», «Селигдар көмүһэ», «Прогноз», «Саха сирин тимир суоллара» АХ бэрэстэбиитэллэрэ СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтин кытта олохтоох дьону промышленнаска сыһыарарга бииргэ үлэлэһэргэ илии баттаатылар. Күн иккис аҥаарыгар каадыр үлэһиттэрэ 129 үлэ көрдөөччүлэри кытта кэпсэттилэр, анкета толотторон, кими ылыахтарын сөбүн сүүмэрдээтилэр.
This post was published on 29.03.2018 11:00 11:00