Ыам ыйын 17 күнүгэр аан дойду үрдүнэнартериальнай гипертонияны кытары охсуһар күн бэлиэтэнэр. Бу күн сүрүн сыалынан нэһилиэнньэҕэ сүрэх-тымыр ыарыытын туһунан сырдатыы, хаан баттааһынын күннэтэ бэрэбиэркэлэнэр наадалааҕын, буортулаах адьынаттан аккаастанан, сөптөөхтүк аһыы, хамсана-имсэнэ сылдьар тоҕоостооҕун билиһиннэрии буолар.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар СӨ Доруобуйахарыстабылын министиэристибэтин сүрүн внештатнай исписэлииһэ – терапевт, ХИФУ доцена, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с балыыһа клиническэй фармаколог бырааһа Ульяна Портнягиналыын интервьюбутун таһаарабын.
Хаан баттааһыныгар 3 истиэпэни быһаараллар:
1-кы истиэпэн (сымнаһыар) – ХБ 140-159/ 90-99 мм рт ст
2-с истиэпэн (ортоһуор) – ХБ 160-179/100-109мм рт ст
3-с истиэпэн (ыарахан) – 180/110 мм рт ст тэҥ эбэтэр мантан үрдүк
1-кы истиэпэни сымнаһыар диибит да, төттөрүтүн маннык дьон сөптөөх дабылыанньалаах дьонтон инсуллуура 2-4 төгүл улахан. Онон 1-кы да, 2-с да истиэпэннээх дьон сэрэхтээх буолаллара наада.Бу ыарыы сыыйа-баайа биллэр. Ол иһин эрдэттэн көрдөрүнэн эмтэнэр ордук.
Сорох дьон дабылыанньаларын тахсыыта араас ыарыыттан буолуон сөп. Холобур, бүөрдэрэ, артериялара, эндокриннай уорганнара (быччархай, надпочечник) ыарыйдаҕына. Онон ис дьиҥин быһаартаран эмтэннэхтэринэ, дабылыанньалара сөбүгэр түһэр.
Ньиэрбинэй систиэмэ уонна сүрэх дабалыанньаны эмиэ таһаарыан сөп.
Киһи хайдах билиэн сөбүй диэҥҥэ муннун хаана кэлиэн сөп. Үксүгэр төбөҥ ыалдьар, түргэнник сылайаҕын, өрө күүрэ, ньиэрбинэйдии сылдьар, куһаҕаннык утуйар буолаҕын. Маннык өр сырыттахха, сүрэҕиҥ туһаайыытынан ыалдьар, сүрэҕиҥ түргэнник тэбэр, аҕылыыр буолаҕын.
Оттон сорох ыарыһахтар төбөлөрө да ыалдьыбакка, үчүгэйдик сылдьыахтарын сөп. Онон ыарыыны билэргэ киһи бэйэтин кэтэнэн көрүөхтээх, хаанын баттааһынын мээрэйдэнэ сылдьыахтаах, сотору-сотору бырааска көрдөрүнүөхтээх.
Эппитим курдук бу ыарыы сүрэххэ, мэйиигэ, бүөргэ уонна тымырга охсор. Сүрэххэ оҕустаҕына, миокард инфаркта тиэрдэр. 189/105 мм рт ст үөһэ хаан баттааһына мэйиигэ хаан туруутун үөскэтэр. Эмтэммэккэ өр сырыттахха, бүөр үлэтэ кэһиллэн, кыайан үлэлээбэт буолар.
Ыарыһах мээрэйдэниэн 5 мүнүүтэ иннинэ көхсүтүн тутар үчүгэй, табыгастаах кириэһилэҕэ атаҕын холбуу туппакка, арааран олорон сынньаныахтаах. Ыга тутар таҥаһы кэтиэ суохтаах. Мээрэйдэнэр кэмҥэ кэпсэтиэ, саҥарыа суохтаах. Биир илиигэ биирдии-иккилии мүнүүтэ буола-буола, иккитэ-үстэ мээрэйдэниэхтээх. Онтон орто көрдөрүүтүн ылыахтааххын.
Манжеттаах илии остуолга эбэтэр аттыгар турар олоппоско хамсаабакка сытыахтаах. Манжет киһи сүрэҕин туһаайыытынан кэтэрдиллибит буолуохтаах. Маны тутуспатахха, сыыһа көрдөрүөн сөп. Мээрэйдэниини сарсыарда уонна киэһэ, табахтаабыт, аһаабыт, ноҕоруускаламмыт буоллахха, 30 мүнүүтэ буолан баран оҥоруохтааххын. Көрдөрүүнү тэтэрээккэ сурунан иһэр ордук. Дьиэҕэ полуавтомат эбэтэр автомат тонометрдар табыгастаахтар.
Нуорматтан ыарахан ыйааһыннаах дьон сууккаҕа 500-600 г оҕуруот аһын, 300 г фруктаны (банантан, виноградтан, инжиртан ураты), сыата суох иэдьэгэйи, эти, балыгы сиэхтээхтэр. Бурдук астан, минньигэстэн аккаастаныахтаахтар. Аһы тууһа суох астыырга үөрэниэхтээхтэр, буспутун кэннэ кыратык кутуохха сөп. Маны тэҥэ сөптөөхтүк хамсаныы, успуордунан дьарыктаныы туһалаах.
Сөпкө аһыы, дьарыктана, тууһу кыччата, арыгыттан, табахтан аккаастана сырыттахха, бу ыарыынан ыалдьымыахха сөп.
Уһун кэмҥэ хааннарын баттааһыннара үрдүк дьон тутатына түргэнник түһэрэр эми иһиэ суохтаахтар. Төттөрүтүн киһи мөлтүөн сөп.
Дьон үксүгэр биир эми муҥутуур дозатынан иһэбит дуу эбэтэр эбии атын эми эбинэбит дуу диэн ыйытааччылар. Манна икки (сороҕор үс) араастык дьайар эми кыра эбэтэр ортоһуор дозатынан иһэр көдьүүстээх диэн этиллэр.Маннык эмтэнии хаан баттааһынын сөптөөхтүк түһэрэргэ уонна эми үчүгэйдик аһарынарга тиэрдэр.
Кэнники сылларга сууккаҕа биирдэ иһиллэр саҥа препараттар таҕыстылар. Киһиэхэ сымнаҕастык дьайан, күн устата хаан баттааһынын сөптөөх нуормаҕа туталлар, умнуган дьоҥҥо да үчүгэй, биирдэ истилэр да бүтэр.
Уһун кэмҥэ иһиллэр эмп хаатыгар ER, SR, LPдиэн бэлиэлээх буолаллар. Бу эмтэри аҥардаан, илдьиритэн, ыстаан иһэр табыллыбат, биирдэ ыйыстыахтааххын. Итинник гынан иһэр көдьүүһэ суох. Эми сарсыарда –киэһэ өрүү биир чааска иһиэхтээххин. Дабылыанньаҥ үчүгэй да буоллаҕына, көтүппэккэ иһиэхтээххин.
This post was published on 16.05.2023 14:01 14:01