22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үрдүк хаан баттааһына киһини ыарахан содулга тиэрдиэн сөп

14:01, 16 мая 2023
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 17 күнүгэр аан дойду үрдүнэнартериальнай гипертонияны кытары охсуһар күн бэлиэтэнэр. Бу күн сүрүн сыалынан нэһилиэнньэҕэ сүрэх-тымыр ыарыытын туһунан сырдатыы, хаан баттааһынын күннэтэ бэрэбиэркэлэнэр наадалааҕын, буортулаах адьынаттан аккаастанан, сөптөөхтүк аһыы, хамсана-имсэнэ сылдьар тоҕоостооҕун билиһиннэрии буолар.

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар СӨ Доруобуйахарыстабылын министиэристибэтин сүрүн внештатнай исписэлииһэ – терапевт, ХИФУ доцена, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с балыыһа клиническэй фармаколог бырааһа Ульяна Портнягиналыын интервьюбутун таһаарабын.

Ульяна Семеновна, үтүө күнүнэн! Арассыыйаҕа артериальнай гипертониянан дьахтар уонна эр киһи 40%-на ыалдьар эбит. Бу ыарыы саамай кутталлааҕа диэн инсульт буоларын бары кэриэтэ билэбит. Оттон, дьэ,  хаан баттааһына үрдүүрүн киһи  хайдах билэрий?
140/90 мм рт ст көрдөрүүттэн үрдүк буоллаҕына, бу киһи хаанын баттааһына үрдүк дэнэр. Хаанын баттааһына наһаа өр маннык үрдүк сырыттаҕына, сүрэх уонна тымыр үлэтэ кэһиллэн, спазмнаан, мэйиигэ, сүрэххэ уонна бүөргэ сөптөөх аһылыга ситэ тиийбэт.

Хаан баттааһыныгар 3 истиэпэни быһаараллар:

1-кы истиэпэн (сымнаһыар) –  ХБ 140-159/ 90-99 мм рт ст

2-с истиэпэн (ортоһуор) – ХБ 160-179/100-109мм рт ст

3-с истиэпэн (ыарахан) – 180/110 мм рт ст тэҥ эбэтэр мантан үрдүк

1-кы истиэпэни сымнаһыар диибит да, төттөрүтүн маннык дьон сөптөөх дабылыанньалаах дьонтон инсуллуура 2-4 төгүл улахан. Онон 1-кы да, 2-с да истиэпэннээх дьон сэрэхтээх буолаллара наада.Бу ыарыы сыыйа-баайа биллэр. Ол иһин эрдэттэн көрдөрүнэн эмтэнэр ордук.

Сорох дьон дабылыанньаларын тахсыыта араас ыарыыттан буолуон сөп. Холобур, бүөрдэрэ, артериялара, эндокриннай уорганнара (быччархай, надпочечник) ыарыйдаҕына. Онон ис дьиҥин быһаартаран эмтэннэхтэринэ, дабылыанньалара сөбүгэр түһэр.

Ньиэрбинэй систиэмэ уонна сүрэх дабалыанньаны эмиэ таһаарыан сөп.

Киһи хайдах билиэн сөбүй диэҥҥэ муннун хаана кэлиэн сөп. Үксүгэр төбөҥ ыалдьар, түргэнник сылайаҕын, өрө күүрэ, ньиэрбинэйдии сылдьар, куһаҕаннык утуйар буолаҕын. Маннык өр сырыттахха, сүрэҕиҥ туһаайыытынан ыалдьар, сүрэҕиҥ түргэнник тэбэр, аҕылыыр буолаҕын.

Оттон сорох ыарыһахтар төбөлөрө да ыалдьыбакка, үчүгэйдик сылдьыахтарын сөп. Онон ыарыыны билэргэ киһи бэйэтин кэтэнэн көрүөхтээх, хаанын баттааһынын мээрэйдэнэ сылдьыахтаах, сотору-сотору бырааска көрдөрүнүөхтээх.

Бу ыарыы көбөрүгэр туох төрүөттэр баалларый?
Саамай сүрүнэ – удьуорунан бэриллии. Ол эрэн төрөппүттэрэ дабылыанньалаах буоллахтарына, оҕоҕо хайаан да бэриллэр диэн буолбатах. Маны таһынан стресс, уйулҕаҕа оҕустарыы, уойуу, олорор үлэ, хамсаммат буолуу, табахтааһын, сыыһа аһааһын – бу барыта хаан баттааһына үрдүүрүгэр тиэрдэр.

Эппитим курдук бу ыарыы сүрэххэ, мэйиигэ, бүөргэ уонна тымырга охсор. Сүрэххэ оҕустаҕына, миокард инфаркта тиэрдэр. 189/105 мм рт ст үөһэ хаан баттааһына мэйиигэ хаан туруутун үөскэтэр. Эмтэммэккэ өр сырыттахха, бүөр үлэтэ кэһиллэн, кыайан үлэлээбэт буолар.

Хааммыт баттааһынын хайдах сөпкө мээрэйдэниэхтээхпитий?
Хаан баттааһыннаах дьон күннэтэ дьиэлэригэр эбэтэр медүлэһиккэ баран мээрэйдэнэллэрэ наада.  Көрдөрүүлэрэ хас биирдии киһиэхэ араастаах. Сорох түгэҥҥэ маҥан халаат диэн ааттанар көрдөрүү баар, ол эбэтэр медүлэһиттэргэ эрэ хаан баттааһына тахсыбытын көрдөрөр, оттон дьиэҕэ сөптөөх нуорманы көрдөрөр. Ол иһин сөпкө мээрэйдэнэр наада.

Ыарыһах мээрэйдэниэн 5 мүнүүтэ иннинэ көхсүтүн тутар үчүгэй, табыгастаах кириэһилэҕэ атаҕын холбуу туппакка, арааран олорон сынньаныахтаах. Ыга тутар таҥаһы кэтиэ суохтаах. Мээрэйдэнэр кэмҥэ кэпсэтиэ, саҥарыа суохтаах. Биир илиигэ биирдии-иккилии мүнүүтэ буола-буола, иккитэ-үстэ мээрэйдэниэхтээх. Онтон орто көрдөрүүтүн ылыахтааххын.

Манжеттаах илии остуолга эбэтэр аттыгар турар олоппоско хамсаабакка сытыахтаах. Манжет киһи сүрэҕин туһаайыытынан кэтэрдиллибит буолуохтаах. Маны тутуспатахха, сыыһа көрдөрүөн сөп. Мээрэйдэниини сарсыарда уонна киэһэ, табахтаабыт, аһаабыт, ноҕоруускаламмыт буоллахха, 30 мүнүүтэ буолан баран оҥоруохтааххын. Көрдөрүүнү тэтэрээккэ сурунан иһэр ордук. Дьиэҕэ полуавтомат эбэтэр автомат тонометрдар табыгастаахтар.

Хаан баттааһына үрдээбэтин туһугар эрдэттэн тугу гыныахха сөбүй?
Киһи бэйэтэ эми испэккэ эрэ, атын ньыманан эмтэниитин 130/85 мм рт ст көрдөрүүттэн улаата илигинэ, саҥа саҕаланан эрдэҕинэтуһаныан сөп. Биир саамай этэр туһалаах ньымабытынан чөл олоҕу тутуһуу. Маны эми иһэр да дьон тутуһуохтаахтар. Наһаа ноҕоруускаламмакка, көмпүүтэртэн, төлөпүөнтэн тэйэн, сөпкө утуйан, киһи сынньаныахтаах. Сөптөөх аһылыгы күҥҥэ түөртэ аһыахтаах. Бүтэһик аһылык утуйуон 2 чаас иннинэ буолуохтаах.

Нуорматтан ыарахан ыйааһыннаах дьон сууккаҕа 500-600 г оҕуруот аһын, 300 г фруктаны (банантан, виноградтан, инжиртан ураты), сыата суох иэдьэгэйи, эти, балыгы сиэхтээхтэр. Бурдук астан, минньигэстэн аккаастаныахтаахтар. Аһы тууһа суох астыырга үөрэниэхтээхтэр, буспутун кэннэ кыратык кутуохха сөп. Маны тэҥэ сөптөөхтүк хамсаныы, успуордунан дьарыктаныы туһалаах.

Сөпкө аһыы, дьарыктана, тууһу кыччата, арыгыттан, табахтан аккаастана сырыттахха, бу ыарыынан ыалдьымыахха сөп.

Эмп хаһан ананыан сөбүй уонна эми иһиигэ туох ирдэбиллэр баалларый?
Быраас кэтээн көрүү түмүгүнэн эбэтэр ыарыы дириҥээри гыммыт, кутталы үөскэтэр диэтэҕинэ, туһааннаах эми аныыр. Хаан баттааһынын түһэрэр эмп ыарыһахха хайаан да баар буолуохтаах, холобур каптоприл.

Уһун кэмҥэ хааннарын баттааһыннара үрдүк дьон тутатына түргэнник түһэрэр эми иһиэ суохтаахтар. Төттөрүтүн киһи мөлтүөн сөп.

Дьон үксүгэр биир эми муҥутуур дозатынан иһэбит дуу эбэтэр эбии атын эми эбинэбит дуу диэн ыйытааччылар.   Манна икки (сороҕор үс) араастык дьайар эми кыра эбэтэр ортоһуор дозатынан иһэр көдьүүстээх диэн этиллэр.Маннык эмтэнии хаан баттааһынын сөптөөхтүк түһэрэргэ уонна эми үчүгэйдик аһарынарга тиэрдэр.

Кэнники сылларга сууккаҕа биирдэ иһиллэр саҥа препараттар таҕыстылар. Киһиэхэ сымнаҕастык дьайан, күн устата хаан баттааһынын сөптөөх нуормаҕа туталлар, умнуган дьоҥҥо да үчүгэй, биирдэ истилэр да бүтэр.

Уһун кэмҥэ иһиллэр эмп хаатыгар ER, SR, LPдиэн бэлиэлээх буолаллар. Бу эмтэри аҥардаан, илдьиритэн, ыстаан иһэр табыллыбат, биирдэ ыйыстыахтааххын. Итинник гынан иһэр көдьүүһэ суох. Эми сарсыарда –киэһэ өрүү биир чааска иһиэхтээххин. Дабылыанньаҥ үчүгэй да буоллаҕына, көтүппэккэ иһиэхтээххин.

Ульяна Семеновна, кэпсэтииҥ иһин махтал. Дьоҥҥо-сэргэҕэ тугу баҕарыаҥ этэй?
Күндү Сахам сирин олохтоохторо, биһиги быраастар, эһиги чэгиэн доруобуйалаах, уһун үйэлээх буоларгытыгар кыһаллабыт. Онон бу кэпсээбиппин бэйэҕитигэр туһаныҥ диэн ыҥырабын. Үрдүк хаан баттааһына киһини ыарахан содулга тиэрдиэн сөбүн өйдөөҥ. Бука бары доруобай буолуҥ, харыстана сылдьыҥ, СИА-ҕа суруйда Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай доруобуйа уонна медицинэ профилактикатын киинин пресс-сулууспата.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА