Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ «Союз-2» ракета сорох чаастара түһэр улуустарыгар кэтээн көрөр үлэтин салҕыыр. Ракета тобохторо, урут иһитиннэрбиппитинэн, Кэбээйи, Алдан улуустарыгар түһэллэрэ сабаҕаланара.
Ракета тобохторо түһэр сирдэриттэн (Алдан, Кэбээйи улуустарыгар биэстии туочука) эрдэ хаар боруобатын ылтара, салгын радиационнай фонун бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Хаар боруобатын «РИАЦЭМ» лабораториятыгар ыыппыттара, оттон салгын фона орто көрдөрүүттэн намыһаҕы көрдөрбүтэ.
Бэҕэһээҥҥи туругунан Алдаҥҥа биэс сиргэ, Кэбээйигэ түөрт сиргэ кэтээн көрүү үлэтин ыыттылар. Манна тобохтор анныларыттан, аттынааҕы сириттэн, урут анаалыс ылыллыбыт сирдэртэн хат боруоба ыллылар.
Ахсынньы 19 күнүгэр Кэбээйи улууһуттан 23 м уһуннаах, 3 м диаметрдаах ракета эттигин буллулар. Министиэристибэ үлэһиттэрэ хаар уонна буор боруобатын ыллылар. Салгын көрдөрүүтэ ракета түөһүөн иннинээҕи көрдөрүүнү көрдөрдө.
Алдан улууһугар тобохтору була иликтэр. Үлэ салҕанар.
This post was published on 21.12.2020 13:03 13:03