Ракета үлтүркэйин сороҕун муус устар 30 күнүгэр булбуттара. Ити тобох билигин Бүлүү улууһун баһылыгын Сергей Винокуров хоһугар хараллан сытар. Радиация фона чааска 7-10 микрорентген. Ити улууска баар фонтан хас эмэ бүк кыра.
«Илиҥҥи» космодромтан көппүт ракета фрагменын кыраайы үөрэтэр музейга биэрэр туһунан быһаарыыны ылынныбыт. Дьон куттамматын туһугар экспонакка быһаарар суругу бэлэмниэхтэрэ», — диэн СИА-ҕа Роскосмос бэрэстэбиитэлэ Игорь Ляховенко эттэ. Бүлүүгэ ракета үлтүркэйиттэн эмти тутан өйдөбүнньүк курдук ылыан баҕалаах дьон ахсаана элбээбит.
Муус устар 23 күнүттэн ракета тобохторун көрдөөһүн саҕаламмыта. 17 үлтүркэйтэн радар көрдөрбүт саамай бөдөҥ фрагмены булбуттара. Онтон атыны билиҥҥитэ була иликтэр. Күн-дьыл туругуттан Роскосмос салалтата көрдүүр үлэни тохтотто. Хос ыытыллар экологическай чинчийии кэмигэр икки ыйынан үлэ салгыы барыаҕа.
This post was published on 04.05.2016 15:30 15:30