Өрүстэринэн сырыылар уйуктара улаатар

Халлаан тымныйан, өрүс мууһа чиҥээн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кыһыҥҥы айан суолларын уйуктара улаатар.


Муома улууһун «Индигиир» айан суолугар Хонуу — Кулун-Өлбүт уонна Соболоох — Хонуу хайысхаларынан 10 туонналаах массыыналарга сырыы көҥүллэннэ. Массыыналар бэйэ бэйэлэриттэн 70 миэтэрэ тэйиччи айанныыллара ирдэнэр.

Маны сэргэ Дьокуускай — Мэҥэ-Хаҥалас ыккардыгар Хатас — Павловскай хайысхатынан Өлүөнэ өрүһү 5 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналар туорууллара көҥүллэннэ.

Хаҥалас улууһугар Мохсоҕоллоох – Хачыкаат хайысханан үс туонна уйуктаах массыыналарга быстах кэмнээх кыһыҥҥы суол аһылынна. Массыыналар мууска тохтоон тураллара бобуллар.

This post was published on 10.12.2020 17:01 17:01