Өлүөнэ, Бүлүү, Халыма, Дьааҥы, Индигирка эбэлэргэ уу кэлиитэ бэлиэтэнэр, УГМС иһитиннэрэр.
Өлүөнэ өрүскэ Маача — Солянка учаастакка ардах уутуттан таһыма 2,4–3 м эбилиннэ.
Покровск – Кангалассы учаастакка от ыйын 1–3 күннэригэр эбиллиэҕэ, 0,4–0,7 м.
Кэлэр икки-үс сууккаҕа Кэбээйи Сангаарын туһаайыытынан уу кэлиэҕэ.
Бүлүү эбэҕэ Кириэстээх — Сунтаар кыра эбиллии баар. Аллара сүүрүгүнэн уу түстэ — 0,1 м.
Ардах уутуттан Дьааҥы өрүскэ Аһарга уонна Адыаччыга уу таһыма 0,2-тэн 1,1 м диэри таҕыста, учаастага Баатаҕай – Сайдыы – Юбилейнай. Маннык көстүү үс суукка туруон сөп.
Индигиркаҕа Уус Ньара уонна Хонуу (Уус Муома), Халымаҕа — Зырянка уонна Среднеколымскай куорат таһыгар уу тахсар.
Алдан уонна Амма өрүстэргэ уу түһэр, араас таһымнаахтык.
This post was published on 29.06.2022 17:01 17:01