Өрүстэргэ муус устарын онлайн көрүөххэ сөп

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр Өлүөнэ, Халыма уонна Индигиир өрүстэр муустара устарын онлайн көрүөххэ сөп.

«АрктикТелеком» АУо сибээс операторын систиэмэтэ холбонно. Хампаанньа эппитинэн, Өлүөнэ эбэ кытылынан камера туруоруллубут нэһилиэнньэлээх пууннара – Ленскэй, Өлүөхүмэ хоту уонна соҕуруу хайысхаларынан, Покровскай, Үөһээ Бэстээх, Нам, Сангаар.

Халыма өрүскэ — Зырянка уонна Среднеколымскай, Индигиркаҕа — Уус-Ньара бөһүөлэгэр.

Сигэтэ: https://www.a-telecom.ru/ledohod/.

This post was published on 25.04.2024 10:33 10:33