Өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннар бырайыактарын бастакытын икки тылынан көрдүлэр

Фото: Мария Васильева

Бүгүн, олунньу 28 күнүгэр, Ил Түмэн 42-с пленарнай мунньаҕа буолан ааста, онно өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннар бырайыактарын  аан бастаан икки судаарыстыбыннай тылынан көрдүлэр: нууччалыы уонна сахалыы.

Эрдэ өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннар бырайыактарын нууччалыы иһитиннэрэллэрэ, онтон сахалыы тылбаастыыллар. 2023 сылтан үргүччү икки тылынан көрөр буоллулар.

Санатан эттэххэ, 2022 сылга Саха сирин баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан, өрөспүүбүлүкэ Конституционнай сокуонугар 2023 с. тохсунньу 1 күнүттэн икки тылы туһанан сокуоннар барылларын ылыныы туһунан уларытыыны киллэрбиттэрэ.

Бүгүҥҥү пленарнай мунньах кэмигэр Саха сирин народнай депутаттара 50 боппуруоһу көрдүлэр.

This post was published on 28.02.2023 18:10 18:10