22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансеры тутууга  1,2 млрд солкуобайы көрдүлэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер тутуутун түмүктүүргэ   1,2 млрд солк. көрүллүөҕэ.

Дьокуускай куоракка бу сыл бүтүүтэ   радиологическай отделениелаах өрөспүүбүлүкэтээҕи  онкологическай диспансер  тутуллан үлэҕэ киллэриллиэҕэ.  Онкологическай диспансер билиҥҥитэ үрдүк бэлэмнээх турар. Манна  биир симиэнэҕэ 200 киһи сылдьар кыахтаах  поликлиникалаах, стационардаах.

Мэдиссиинэ тэрилтэтин тутуутун түмүктүүргэ үбүлээһин туһунан  былырыын атырдьах ыйыгар Михаил Мишустин Уһук Илин Федеральнай уокуругар кэлэ сырыттаҕына кэпсэтии барбыта. Дойду Аҕа баһылыгын сорудаҕынан, анал федеральнай бырайыак үлэлиир. Ол иитинэн эрэгийиэннэргэ  туһааннаах инфраструктура тэриллэр, научнай- чинчийэр үлэ ыытыллар диэн РФ Бырабыыталыстыбатын телеграм ханаалыгар суруйдулар.

Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА