Амма күннэрин биир сүрүн тэрээһинэ «Олоҥхо ыһыаҕа aлгыстаах Аммаҕа» диэн «төгүрүк остуол» ыытылынна. Сүрүн дакылааты Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин оҥордо.
Көрсүһүүнү улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова салайан ыытта. Олоҥхо ыһыаҕын концепциятын Клара Кириллина, түһүлгэ тутууларын Виктор Смирников, күөн күрэстэр тустарынан Анна Кириллина, Олоҥхо ыһыаҕар кэмпириэнсийэ сүрүн түстэрин Феврония Шишигина уонна чинчийээччи олоҥхоһут Юрий Борисов, улуус сайдыытыгар туһуламмыт «Сардаана» фонда сүрүн соруктарын Роман Алексеев сиһилии билиһиннэрдилэр.
Салгыы «төгүрүк остуол» үлэтигэр Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт Михаил Тимофеев, Саргылана Адамова, Прохор Сутаков, Ньургун Лазарев, Тамара Литвинцева, Тамара Егорова, Александр Терентьев-Айгын Уус кытыннылар санааларын эттилэр, сүбэлэрин биэрдилэр.
Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Наумов Олоҥхо күрэхтэрин саха дьоно киэн тутта ахтар, чугастык саныыр айылҕаттан күүстээх, кыахтаах дьоммут ааттарынан ааттыаҕыҥ диэн этии киллэрдэ. Холобура, мас тардыһыытын Оокко Бухатыыр, оһуокайы Үстүүн Нохсоороп. Ол буолуоҕа — аммалар ыһыахпыт сүрүн уратыта.
Вера Иванова, «Амма олоҕо» хаһыат
This post was published on 22.01.2024 15:01 15:01