Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ Күлүмнүүрү уруйдаатылар

Саха сирин уһулуччулаах бөдөҥ уопсастыбаннай, политическай диэйэтэлэ, кыраайы үөрэтээччи, публицист В.В.Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ далааһыннаах тэрээһин буолла. Бу туһунан үөрэх кыһатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир Саргылаана Игнатьева иһитиннэрдэ.


«Долгутуулаах тэрээһин түһүлгэтигэр мустубут ыалдьыттарга бу күн үөрэнээччилэр  улуу бэйиэт Алампа, Наталья Михалева-Сайа хоһооннорун ис сүрэхтэриттэн иэйэн  туран аахтылар. Сүрэҕи-быары ортотунан сайа охсон киирэр, киһи этин сааһа аһыллар уран тыллаах ураты айымньылары саалаҕа толору мустубут ыалдьыттар, саха хааннаах истээччилэр дууһаларыгар чугастык ылыннылар, дохсун ытыс тыаһынан, хоһооннору тэҥҥэ ааҕыынан, ыллам ырыаны тэҥҥэ ыллаһыынан арыаллаатылар. Үөрэнээччилэр өрө көтөҕүллэн, санаалыын сандааран бу күүтүүлээх көрсүһүүгэ көхтөөхтүк кытыннылар», — диир кини.

Кэнчээри ыччакка кыһа дириэктэрэ Иван Шамаев Күлүмнүүр олоҕун, үлэтин, кини саха норуотугар оҥорбут үтүөлэрин сырдаппыт.  Салгыы история наукатын доктора, гуманитарнай чинчийэр институт испэсэлииһэ Василий Федоров, лиссиэй выпускнига Иван Сивцев саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятын бас-көс киһитэ  норуот өйүгэр-санаатыгар иҥпит чаҕылхай холобурдарын билиһиннэрбиттэр. «Саха түмсүүтүн», нууччалыы тылбаастаммыт «Манчаары» пьеса туруоруллуутун, наукаҕа аналлаах экспедициялар тустарынан, о.д.а. сүҥкэн үлэлэри билиһиннэрбиттэр. Василий Никифоров-Күлүмнүүр бэйэтин көрүүлэрин, санааларын булгуруйбакка туруулаһар дуулаҕа киһи буоларын бэлиэтээбиттэр.

80 саастаах Альбина Никифорова хос эһэтин Күлүмнүүр туһунан аан бастаан хаһан билбитин, ийэтэ тугу кэпсиирин бары болҕомтолоохтук, улаханнык долгуйан истибиттэр. Альбина Федоровна күндү киһитин сырдык аатын тилиннэриини турууласпыт суруйааччы Ираида Клиоринаҕа муҥура суох махтанарын эппит. Онтон Күлүмнүүр кэргэнинэн аймахтара Елена Лебедкина былыргы хаартыскалары, архыып матырыйаалларын аҕалан хас биирдиитин ымпыгар-чымпыгар тиийэ олус интэриэһинэйдик кэпсээн дьону-сэргэни сонурҕаппыт. Бу көрсүһүүгэ үөрэнээччилэр ыҥырыылаах ыалдьыттартан ыйытыыларыгар толору хоруйдары ылан чахчы астыммыттар. Ытык киһиэхэ анаммыт түһүлгэ кыттыылаахтара сэһэн-сэппэн  тахсыбытыттан, атах тэпсэн олорон дуоһуйа сэһэргэспиттэриттэн улаханнык үөрбүттэр.

This post was published on 26.04.2016 19:23 19:23