Дьокуускай куорат кэрэ көстүүлээх миэстэлэриттэн биирдэстэригэр турар өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ көхтөөх субуотунньук тэрилиннэ. Үөрэнээччилэр учууталларын кытта үөрэнэр кыһаларын таһыгар мас олортулар. Далааһыннаах тэрээһиҥҥэ 100-кэ чугаһыыр киһи кытынна.
Бу туһунан СИА үөрэх кыһатыгар саха тылын уонна литературатын учуутала Саргылаана Игнатьева иһитиннэрдэ.
«Уопсайа 60 хатыҥ лиссиэй таһыгар олордулунна. Алта биригээдэни биология-химия, физика онус кылааһын үөрэнээччилэрэ салайдылар. Ботаническай саадтан субтропическай уонна тропическай үүнээйилэргэ отдел начаалынньыга Екатерина Афанасьева улахан көмөнү оҥордо. Кини былаан оҥорсуутуттан саҕалаан, маһы тиэйэн аҕалыыга, олордууга маастар-кылаастары көрдөрдө, сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии биэрдэ», — диир Саргылаана Ивановна.
Үөрэх кыһатын биологияҕа учуутала Анна Местникова үөрэппит оҕолоро улахан өйөбүл буолбуттарыгар лиссиэй кэллэктиибэ махталларын эттилэр. Ботаническай саад дириэктэрэ, биология наукатыгар кандидат Саргылана Борисова мас олордорго исписэлииһи сыһыарбыт. Намтан Хамаҕатта олохтооҕо Сергей Кривошапкин тэлгэһэҕэ үүннэрэргэ аналлаах өр сыллаах үүнээйилэринэн хааччыйбыт, ыраахтан да буоллар сүбэ-ама биэрбит. Саргылана Игнатьева этэринэн, үлэ аны газоннарга, кулуумбаларга салҕаныахтаах.