Муус устар 22 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Дьөһөгөйү таҥара оҥостон сүгүрүйэр, кылынан, сиэлинэн үлүһүйэн тигэр, оҥорор маастардар, уустар, иистэнньэҥнэр, ыалдьыттар алтыс төгүлүн ыытыллар “Дьөһөгөй бэлэҕэ” көрүү-быыстапка үөрүүлээх түмүктэниитигэр муһуннулар.
“Дьөһөгөй бэлэҕэ” көрүү-быыстапкаҕа 12 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 67 маастар, ол иһигэр Мэҥэ-Хаҥаластан “Ситии”, Тааттаттан “Эбээлэр”, Сунтаартан “Ситии”, “Саха саргыта”, Хаҥаластан “Ситим” түмсүүлэрин, маны таһынан Амма улууһуттан Алтан орто оскуолатын, Нам улууһуттан Хамаҕатта саха-французкай лицей үөрэнээччилэрин, Дьокуускай куораттан П.Романов аатынан художественнай училище устудьуоннарын үлэлэрэ быыстапканы киэргэттэ.
Көрүү-быыстапкаҕа 100-тэн тахса оҥоһуктар турдулар: сөрүөлэр, сүҥ сөрүө, ат симэҕин киэргэллэрэ, кылынан уонна сиэлинэн оҥоһуллубут паннолар, дэйбиир арааһа, тэлгэхтэр, көбүөрдэр, кылынан быысапкалар, дьахтар уонна эр киһи сэлээппэлэрэ, суумкалара, атах таҥаһа, түөскэ, харыга кэтиллэр киэргэл арааһа.
“Быйылгы быыстапкаҕа күрэхтэһээччилэр үлэлэрэ өссө тупсубут”, — диэн дьүүллүүр сүбэ бэрэсэдээтэлэ, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Розалия Колосова бэлиэтиир.
“Дьөһөгөй бэлэҕэ” көрүү-быыстапка кыттааччыларыгар анал аат иҥэрилиннэ:
“Үлэ ис тутулун ыпсаҕайдык быһаарыы” – Другина Раиса Афанасьевна, Дьааҥы улууһа;
“Өҥү дьөрэлээн көрүү” – Борисова Василина Ильинична, Хамаҕатта саха-французкай лицейэ, “Утум” куруһуок иитиллээччилэрэ, сал. Аммосова Надежда Николаевна, Нам улууһа;
“Кылынан өрүү ньымата” – Колесова Мария Львовна, Чурапчы улууһа;
“Өбүгэ үгэһин тилиннэрии” – Седалищева Ольга Егоровна, Чурапчы улууһа;
“Бастыҥ кыл сэлээппэ” – Васильева Фаина Филипповна, Дьокуускай к.;
“Бастыҥ кылынан киэргэл” – Дунаева Күннэй Витальевна, Хамаҕатта саха-французкай лицейэ, “Утум” куруһуок иитиллээччилэрэ, сал. Аммосова Надежда Николаевна, Нам улууһа;
“Бастыҥ түмсүү үлэтэ” – “Эбээлэр” түмсүүлэрэ, сал. Кривошапкина Люция Степановна, Таатта улууһа;
“Бастыҥ дэйбиир” – Захаров Михаил Ильич, Таатта улууһа;
“Бастыҥ ат тэрилин оҥоруу” – Логинова Наталья Афанасьевна, Чурапчы улууһа;
“Саҥа сүүрээни киллэрии” — Хамаҕатта саха-французкай лицейэ, “Утум” куруһуок иитиллээччилэрэ, сал. Аммосова Надежда Николаевна, Нам улууһа.
Кыайыылаахтар:
ӀӀӀ үрдэл – Яковлева Варвара Акимовна, Бүлүү улууһа;
ӀӀ үрдэл – Баишева Светлана Михайловна, Хаҥалас улууһа;
Ӏ үрдэл – Петрова Мария Егоровна, Уус-Алдан улууһа.
Алтыс төгүлүн ыытыллар Өрөспүбүлүкээнискэй “Дьөһөгөй бэлэҕэ” көрүү-быыстапка Чыпчаал аатын Чурапчы улууһуттан Попова Александра Петровна сүктэ.
This post was published on 25.04.2016 11:08 11:08