«Уочарат элбээбитинэн, пандемия иккис долгунун аахсыбакка туран, былааннамыт ыарыһахтары көрүүнү саҕалыыры быһаарынныбыт. Ортопедияҕа номнуо эпэрээссийэлэри саҕалаатыбыт. Ол эрэн коронавируһунан сибээстээн куттал баар, салгыы хайдах буоларын көрөн иһиэхпит. Сотору сыҥаах-сирэй хирургиятын аһары былаанныбыт», — диир өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа – суһал мэдиссиинискэй көмө киинин кылаабынай бырааһа Иван Иванов СИАҕа онлайн-интервью кэмигэр.
«Суһал мэдиссиинискэй көмө киинэ биир да күн үлэтин тохтоппотоҕо. Буоларын курдук суукканы эргиччи, нэдиэлэни толору араас ыарыһахтары көрөн кэллибит. Бу биһиги нэһилиэнньэ иннигэр эбээһинэспит. Коронавирус дьаҥа ыарыһахха баара-суоҕа, кинини балыыһаҕа сытыаран эмтииргэ оруола суох», — диир Иван Иванов.
Кылаабынай быраас бары салаалартан ортопедия салаата тохтоон сылдьыбытын, атын салааларга былааннамыт ыарыһыахтары ылыы ыарахан туруктаах ыарыһахтары харыстыыр сыалтан хааччахтана сылдьыбытын эттэ.
«Ортопедия салаата эндопротезированиенан дьарыктанар. Биллэрин курдук ити эпэрээссийэни үксүн 60-65 саастаах дьон оҥорторор. Кинилэр ордук сэрэхтээх бөлөххө киирэллэринэн, салааны сабар туһунан быһаарыыны ылыммыппыт. Отделение үлэһиттэрэ атын салааларга көһөн биэртэрэ», — диир быраас.
Иван Иванов пандемия кэмигэр бырааска көрдөрүүгэ былааҥҥа турбут ыарыһахтар уочараттара мунньуллубутун этэр.
«Уочарат элбээбитинэн, пандемия иккис долгунун аахсыбакка туран, былааннамыт ыарыһахтары көрүүнү саҕалыыры быһаарынныбыт. Ортопедияҕа номнуо эпэрээссийэлэри саҕалаатыбыт. Ол эрэн коронавируһунан сибээстээн куттал баар, салгыы хайдах буоларын көрөн иһиэхпит. Сотору сыҥаах-сирэй хирургиятын аһары былаанныбыт», — диир кини.
Бырааска хайдах көрдөрөр туһунан, балыыһаҕа сылдьыы бэрээдэгин, быраастар моральнай туруктарын о.д.а.үлэ түгэннэрин сиһилии онлайн-интервьюга көрүҥ.
This post was published on 12.10.2020 13:01 13:01